Үс оҕолоох Лена, Максим Оконешниковтар:
– Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн биһиги дьиэ кэргэн бырааһынньык быһыытынан үөрэ-көтө көрсөбүт. Дьиэбитигэр хайаан даҕаны алаадьы, күөрчэх, ис миинин астанабыт. Быырпах, хаан, харта баар буолар, индигирка салат оҥостобут. Оскуолаҕа, оҕо саадыгар даҕаны оҕолор кыраларыттан бу күнү көрсө сахалыы таҥнар-симэнэр буолан, билигин бары оннук таҥнабыт. Өрөспүүбүлүкэ күнэ диэн биир улахан суолталаах бэлиэ күн, онон тапталлаах Сахабыт сирэ сылтан сыл үүнэ-сайда турарыгар баҕарабыт!
Эмма Васильева, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы холбоһуктаах түмэл фондатын сүрүн харайааччыта:
– Өрөспүүбүлүкэм күнүн дьоммун-сэргэбин кытары бэлитиир үгэстээхпин. Ону сэргэ түмэл үлэһитэ буоларым быһыытынан, үлэбинэн араас тэрээһиннэри ыытарга кыттыһабын, сылдьабын.
Улууспут хаһыатын нөҥүө санаабын тириэрдиэхпин баҕарабын. Ийэ тылбыт сүппэтин-симэлийбэтин туһугар сахабын дэнэр киһи бары кыһаллан үлэлэһиэхтээхпит. Оҕо кыратыттан дьиэҕэ сахалыы ыраастык кэпсэтэрин ситиһиэхтээхпит. Өбүгэбит илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын, төрөөбүт төрүт тылбытын таптаан, сиһилии үөрэтэн, харыстаан уонна сайыннаран иһэрбит бу биһиги ытык иэспит, сорукпут буолар.
Арылхан Лукин, Сунтаардааҕы гимназия 9-с кылааһын үөрэнээччитэ, оскуола лидера:
– Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ биһиэхэ сахаларга олус суолталаах күн. Бу бэлиэ күҥҥэ, биһиги оскуолабытыгар Саха сиригэр сыһыаннаах тургутуктар, оонньуулар ыытыллаллар уонна бары үөрэнээччилэр, учууталлар илиибитин сүрэхпитигэр ууран туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын ыллыыбыт. Саха сирэ сайдарын туһугар бары биир сомоҕо, түмсүүлээх буолуоҕуҥ.
Лилия Андреева, Сунтаардааҕы гимназия 10-с кылааһын үөрэнээччитэ:
– Саха Өрөспүүлүкэтин күнэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ураты күн. Эбэм алгыстаах алаадьы буһарар, ийэм кымыс көөнньөрөр. Сандалыбыт сахалыы аһылыгынан толору буолар. Мин санаабар, Саха сирэ сайдарын, омук быһыытынан кэҥиирбит туһугар хас биирдии дьиэ кэргэн сахалыы эйгэни тэрийиэхтээх. Оччоҕо кэлэр көлүөнэ “Мин дойдум – Саха сирэ, мин ийэ тылым – саха тыла” диэн өйдөөх-санаалаах буолуоҕа. Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн барыгытын эҕэрдэлиибин! Үүнэ-сайда тур, Сахам сирэ!