Кыһын обургу тоҥ сири добугураппытынан, хаарын тамнаабытынан тымныынан аҥыйан тиийэн кэллэ. Бэрт соторунан ахсынньы ый бүтэрэ буола охсон, сылы быһа сылайбакка күүтэр Саҥа дьылбыт бу ыган кэлбитэ эрэ баар буолла. Ону кытта оччугуй дэриэбинэ дьиэлэрин кырыа быыһынан оҥой-соҥой көрбүт түннүктэрэ үтүктүспүт курдук араас уотунан кылахачыстылар. Сорох тэлгэһэҕэ хаар харамайдар, муус оҥоһуктар кэчигирэһэ түстүлэр. Маҕаһыын аайы араас мааска, дьуолка оонньуура куоталаспыттыы тэлгэннилэр. Ордук оҕо дьон харахтара уоттанан, туох эрэ аптаах-алыптаах кэм кэлэрин көһүппүттүү сүргэлэрэ көтөҕүллэн сырытта. Сөп ээ, кинилэргэ саамай кэтэһиилээх кэм буоллаҕа. Уонна кинилэр бырааһынньык түбүгэ диэни билбэттэрэ сыттаҕа. Оттон улахан дьон, ордук элбэх оҕолоох ыал, Саҥа дьылы көрсөр түбүк бары ымпыгын эттэринэн-хааннарынан билэллэр. Инньэ гынан сорох сорохторо хаһан эрэ бу суй-сай бүтэ охсор диэн санааларын кистээбэттэр даҕаны.
Ол курдук, Ньукулай Ыстапаанабыс диэн кырдьа сыһан баран ыал буолбут, үс сыры-сыллата дьыссаакка сылдьар ыччаттардаах, “дьэ бэйиккэй!” диэбиттии дьэбиннээҕинэн көрбүт Дьэбдьиэй диэн ойохтоох киһи Саҥа дьыл сүпсүлгэнигэр сөрөммүтүн бэркэ сөбүлээбэт чинчилээх маҕаһыыҥҥа ойон киирдэ. Тымныы чысхаантан кытара кыыспыт идэстэрин сууралаамахтаан ылла, кырыатын тэбэнээт сулбу атыыһыкка дьугдьуруйда: “Дорообо! Эһиэхэ кулунчук мааската баар дуо?” Кинигэ ааҕа олорбут атыыһыт дьахтар бэрт сүөдэл киһини соһуйбуттуу өрө көрөн таһаарда уонна: “Ат баар, кулунчук суох. Бэйэҕэр дуу, кимиэхэ көрдөөтүҥ дуу?” – диэн көмөлөһүөх киһилии тутунна. Ньукулай: “Ээ, ол мин маскарааттаабыт үһүбүн дуо? Улахан уолбар көрдүүбүн”, – диэт кэлэйбиттии эргиччи көрөөт тахсар ааны тутуста.
Таһырдьа тахсан хойуу салгыны сатамньыта суох эҕирийэн аны хахсайан ылла. Ньукулай хара сарсыардаттан бөһүөлэккэ баар бары маҕаһыыны матайдаата, туох баар кэмэрсээммин дэнээччитин кэрийдэ да, баҕалаах кулунчугун маскараатын булбата. Тиһэх маҕаһыыныгар тиийэн истэҕинэ ойоҕо “була тарт” диэн сорудахтаабыта кулгааҕар иһиллэргэ дылы гынна. Улахан уол Уйбаанчык утреннига күн сарсын буоларын саҥа билбит баҕайыта буоллаҕа дуу… Кыһайбыт курдук ханна да суох кулунчук маскараатын булаҕыт диэн эрэйгэ тэптэхтэрэ үһү. Ньукулай тиһэх маҕаһыыныгар тиийэн ат да буоллун, кыра эрэ буоллар ылыам диэбитэ отой акка маарыннаабат баҕайыны аҕалан иннигэр тэлгэтэ сытыаран кэбистилэр. Ньукулай көрдөҕүнэ акка буолуохтааҕар ынахха да маарыннаабат, уопсайынан кыылтан отой ыраах харамайга дылы. Хайыай, хайдах эрэ бэйэм оҥороо инибин диэн дьиэтин диэки саллырдаата.
Дьиэтигэр тиийэн хортуонтан кырыйан кулунчук сирэйин оҥордо, онтугар идэһэ убаһатыттан хаалбыт арҕас түүтүн кырыйан сыһыарда. Ньукулай санаатыгар кулунчуга бэркэ табылынна. Кутуругу оҥорон эптэххэ туох да ааттаах буолсу диэн бэйэтин бэйэтэ хайҕана санаата. Өр толкуйдаабакка идэһэ убаһатыттан хаалбыт кутуругу куултан оруу охсон нарылаабытынан барда. Силигин ситэрэн кутуругун будьурхай оҥороору ойоҕун бүгүдьүүтүнэн эрийэ тутан кэбистэ. Дьоно дьыссааттан кэлэллэригэр барытын бэлэм гынан үлэтиттэн астынан аҕай олордо. Уйбаанчыга буоллаҕына утренник устата кэтиэхтээх маскараатын атыҥыраабыттыы көрдө. Кэтэрдэ сатаабыттарын дьирээлэһэн турда. Аҕата буоллаҕына бачча “сэдиэбирин” сирбиттэриттэн кыйаханыах кэриҥнэннэ, күүһүнэн ылан кулунчук төбөтүн уолугар кэтэрдэ сатаан ойоҕуттан мөҕүлүннэ. Тиһэҕэр тиийэн “мантыайгын бэйэҥ кэт” диэн буолла. Ньукулай “нармаалынай” кулунчугу булбатах буруйугар күн сарсын улуус киинигэр киирэргэ сыылкаланна.
Мааска туһуттан сарсыарда эрдэ туран таксиланан таймаланан улууһун киинин булла. Күн аҥаара ырыынак быттыгын-хонноҕун чээччийэн син кулунчукка маарынныыры булан ылла. Наадатын сиппит сиэринэн такси көрдүү ыстанна. Кыһыйыан иһин биир да иллэҥ миэстэлээх массыына көстө охсубата. Бириэмэ ырааттар ыраатан истэ… Ньукулай муҥнаах олус диэн ыксаата. Уолун утреннига буолара чаастан эрэ ордук кэм хаалтыгар, хата, биир амарах соҕус суоппар баһыылкатын ылан абыраата. Ньукулай сүүһүгэр бытыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн сотто-сотто араҕан эрэр таксины сайыспыттыы одуулуу хаалла.
Эбиэттэн киэһэ да суол көстөн быстыбата. Инньэ гынан Ньукулай балтын аах, Ааныстаах, диэки суолун тутта. Дьонугар тиийэн хонордуу оҥостон олорунан кэбистэ. Балта Ааныс убайын бэркэ диэн үөрэ көрүстэ. Туохха киирбитин, төһө өр буоларын ыйыталаһан, ыаспыйалаһан, хата, сылатта бадахтаах. Онтон оҕо сылдьан албыннастаҕына буоларыныы убайын диэки турулус-ирилис көрдө, бэркэ ньамньыарбыт куолаһынан кэпсэтиини саҕалаата:
– Убаай, эн билигин үлэлээбэккэ олороҕун дии?
– Ээ, оннук, биһиги сайынын эрэ үлэлэнэр дьон буоллахпыт. Онно тугуй тоойуом?
– Ээ, үлэбэр Саҥа дьыл тэрээһинин миэхэ сүктэрэн кэбистилэр ээ. Корпоратив, кэнсиэр, оҕолорго бадаарак түҥэтиитэ эҥин. Онно Моруос оҕонньору уонна Хаарчаананы булуохтаахпын.
– Оттон буллаҕыҥ дии, биир кулунчук мааскатын булбатах киһи мин ону баҕас булбатым чуолкай, – диэн Ньукулай күлэн кэбистэ.
– Хаарчаананы баҕас булуллуо, оттон Моруос оҕонньорбут ончу суох. Барыта түөтэлэр буолан үлэлиибит ээ. Биир хатыччы хаппыт харабылбыт Охоноон оҕонньор Моруостаабат буо. Арай эн сөбүлэстэргин бэрт баҕайы буолуо этэ, – диэн Ааныс убайын иһэ олорор чэйигэр чачата сыста.
– Ээ, Ааныс, киһини күлүү гыныма доҕор. Моруостаабакка хайаабакка анараа дойдуну булбут киһи, һэ-һэ. Хата уонна, дьиэбин була сатыам этэ дии, ол бырааһынньыктаргытын кэрийэ сырыттахпына Саҥа дьылбын манна ылабын дуо? Оттон дьонум? – диэхтээтэ.
Ааныһа буоллаҕына саҕалаата да тохтообот майгытынан салҕыбакка салгыы кимэн барда:
– Убаай, эн дьүһүҥҥүнэн оруобуна Моруос курдуккун, бытыгыҥ эрэ суох. Уонна артыыстыы түстэххинэ бэрт да бэрт буолуо. Бадаарагы түҥэтии 31 күн сарсыарда буолар, бүтэрэ охсон баттаһа дьиэҕин булуоҥ буоллаҕа дии. Суол булан биэриэҕим.
– Эс, хайдах, саҥаһыҥ Дьэбдьиэй өттүгүн быһа түһэр буоллаҕа итини иһиттэҕинэ.
– Дунялыын бэйэм кэпсэтиэм. Оччотугар Дуня көҥүллээтэ да сөбүлэһэр буоллаҕыҥ? Бүттэ, бэйэҥ эттиҥ, – диэт, Ааныс убайыгар утарылаһар да бокуойу биэрбэккэ Дьэбдьиэйгэ субуоннуу хоһугар сүүрдэ.
Ньукулай эмээхсинин билэрэ бэрт буолан муус холку олордо. Ол эрээри кэм ыктаҕын аайы ыгылыйан истэ, дьонноро буоллаҕына кэпсэтиилэрэ уһаата бадахтаах. Тугу кэпсэтэллэр эбит диэн балтын хоһугар чугаһаабыта балта тохтообокко кутар-симэр ахан эбит: “Дуня, сөп этиэҕим. Төлөбүрэ үс күҥҥэ 15 тыһ. солк. буолар… Этэҕин ээ, таах сытыахтааҕар бэлэм харчы буоллаҕа дии, сөп, Дуня, улахан махтал, оҕолорго эҕэрдэ”. Итинниги истээт Ньукулай уйатыгар уу киирдэ, мэктиэтигэр эппэт кэлэҕэй буолан: “Суох-су-аах, Моруостаабаппын хайаабаппын! Бу түөтэлэр иирдилэр дуу, сатаан да саҥарыам суоҕа дии”, – диэн утарылаһаары гыммытыгар Ааныска барахсан бэлэм тиэкиһи хантан эрэ ойутан аҕалан: “Өссө да күн баар, аах үөрэт”, – диэн дьаһайаат, боппуруос быһаарыллыбытын курдук туттан ыллыы-ыллыы куукунатыгар куйбарыс гынна. Ньукулай муҥнаах маҥнай уолуйбута ааһан, биэрбит тиэкистэрин ааҕан көрдө. Оттон хамнастаах үлэ буоларын санаан кэллэ. Ыйы быһа үлэлээн өлөрөр хамнаһын саҕаны ылар туһугар кини баара-суоҕа үс күн кыһыл таҥаһы, бытыгы иилинэн оҕонньор буолан сибиэтириэн наада эбит. Ньукулай ырытан көрөн баран “оччотугар кэннэ кээнчэ да буоллун, куһаҕан диэтэхтэринэ, саатар, аҥаарын биэрэллэр ини” диэн түмүккэ кэллэ уонна саҥарыахтаах тылын нойосуустаабытынан барда.
Бастакы күн. Хайа эрэ үөрэх тэрилтэтин саалатыгар кэнсиэр буолла. Ньукулайы кэнсиэр бүттэҕинэ сыанаҕа тахсан дьону эҕэрдэлиигин диэтилэр. Ааныс, хантан булбута эбитэ буолла, Ньукулайга анаан тигиллибит курдук сөрү-сөп Тымныы Моруос оҕонньор көстүүмүн бытыктары майырдары аҕалан туттаран кэбистэ. Ханнык эрэ билбэт кыргыттара таҥыннаран, сирэйин кырааскалаан бардылар. Ньукулай хамсаабат куукула курдук олорон биэрэргэ күһэлиннэ. Кэмниэ кэнэҕэс сыанаҕа тахсар кэмэ кэлбитигэр уһун кэнсиэртэн сылайбыт көрөөччү үксэ тахсар аан диэки таласта. Ньукулай микрофону ылан бэҕэһээ үөрэппит тылларын мэлииппэ ааҕардыы нойосуустаан сыыйда. Саатар, саҥарарга бытыга мэһэйдээн айаҕын ситэри атыппакка сордоото. Аны туран бүтэһигин диэки тылын тамты умнан кэбистэ, инньэ гынан тута айарга күһэлиннэ. Тугу эрэ үрүт-үөһэ эҕэрдэлиибин, Саҥа дьыл эҥин дэтэлээтэ уонна тахсан барда. Ыт уйатын саҕа хоһун чиэрэстээн тахсаары балтын көрсө түстэ: “Тоойуом, тылбын умнан кэбистим дии тиһэҕэр”, – диэн буруйдаах киһилии тутунна, анарааҥҥыта: “Ээ, ньучубуо, син биир туох да диириҥ иһиллибэт этэ”, – диэн аахайбатахтыы тутунна.
Иккис күнүгэр корпоративка ыҥырылынна. Онно син чэпчэкитик ааста. Бэйэлэрэ бэлэм бэһиэлэй дьон Моруос эрэ, Хаарчаана эрэ аахайбатылар да быһыылаах. Арай барарын саҕана таҥаһын хаалларбыт хоһо лип хатанан турар буолан ыксатта. Дьиэҕэ баар дьонтон барыларыттан сураһан ол хатыылаах хосторун күлүүһүн тылын булбатылар. Сурах хоту остуорас илдьэ барбыта буолуо диэн буолла. Ньукулай хайыай, соннук дьиэлииргэ күһэлиннэ. Ааныс таҥаһы сарсын ылыах буолан, убайын таксига симэ охсоот ханна эрэ куйбарыс гынан хаалла. Ньукулай ол курдук Моруос таҥастаах дьиэтин булла, хата, подъезка олорор итирик дьон эҕэрдэлии хааллылар.
Үһүс күнүгэр Ньукулайдаах ыалларынан сырыттылар. Дьэ, бу үлэлииргэ саамай уустук күн буолла. Кырачаан дьон Моруос оҕонньор тугу саҥарарын болҕойон истэр буоланнар, Ньукулай олох да буорайа сыста. Итэҕэйбэтэхтии туттар обургу оҕолорго итэҕэтэ сатаан куолаһын уларыта-уларыта дэлби эттэ-тыынна, артыыстаата. Наһаа уутугар-хаарыгар киирэн кыра саастаах өттүлэрин куттаан ийэлэртэн кириитикэлэнэн да ылла. Бүтэһик ыалыгар тиийиитэ отой эстэ сылайда. Саатар, кыһайбыт курдук ыйааһыннаах баҕайы этиргэн оҕо кэлэн көтөхтөрөн кэбистэ уонна кырата уонча мүнүүтэ умна-умна хоһоон этэн муҥнанна. Ньукулай маҥнай буута утуйда, устунан бэйэтэ кытта нухарыйан барда. Отой да утуйуох киһини, хата, Хаарчааната ыарыылаах соҕустук өттүктээн уһугуннаран абыраата.
Ити курдук үс күн Моруостаабытын суотугар Ньукулай ботуччу хамнастана түстэ. Саҥа дьыл күн дьонугар кэһии гынан үгүс ону-маны атыыласта. Соно, сээкэйэ барыта балтын үлэтигэр хатанан хаалбыт буолан, Моруоһун таҥаһын устубакка таксига олордо. Балта Ааныс хаалбыт убайын малын кэлин ыытыах буолан эрэннэрдэ. Массыына хоҥнубутугар Ньукулай “һуу” диэн иһиллэр гына уһуутаата. Аргыстара ким муодарҕаабыттыы, ким дьээбэлээхтик одуулуулларыгар кыһаллыбакка нухарыйан хаалла.
Биирдэ соһуйан уһуктубута – массыыналара тохтообут. Туох буолбутун сураспыта – алдьанан хаалбыт. Айанньыттар бука бары да уолуйуохтарын уолуйбуттар. Суоппар уол эрэйдээх уон оччонон буорайбыт. Массыынатын хасыһар да, собуоттанарын умунубут курдук. Ыксаан бука бары Моруостары сахтары тахсан массыыналарын үтэ сатаатылар. Ол да гынан сир өппөтүлэр. Саҥа дьылы суолга көрсөр дьылҕаламмыттарыттан сорох-сорохторо ытамньыйан да ыллылар. Ньукулай аҕаларын көһүтэн оҥой-соҥой көрбүт оҕолорун санаан уйадыйан ылла. Оттон туран си буолуохтааҕар Моруос оҕонньор Тымныы Моруос оҕонньортон көрдөһөн саҥа аллайда. Ону кытта бука бары үтүктүспүт курдук: “Тымныы Моруос оҕонньор, массыынабытын собуоттаа!” – диэттэрин кытары массыыналара иһиттим-истибэтим диэбиттии собуоттана түстэ. Үөрүү-көтүү үрдүк буолла. Бука бары сол курдук Саҥа дьыллааҕы ырыаны тардыбытынан бөһүөлэктэригэр киирдилэр. 12 чааһы оруобуна баттаһа дьиэлэрин буллулар. Ньукулайдаах чуумпу дьиэлэригэр эмискэ Моруос оҕонньор көтөн түспүтүттэн үс бүк үөрүү буолла.
Ити курдук ардыгар Саҥа дьыл алыптаах түүнүгэр ап-хомуһун тиллэргэ дылы буолааччы.
Ньукулай кэлин харчыга Моруостуурун уураппыта. Ол эрээри Моруос таҥаһын атыылаһыннарбыта. Кинилэргэ билигин сылын аайы дьиэлэригэр Тымныы Моруос оҕонньор бэйэтинэн кэлэр, оҕолору үөрдэр.
Марфа ИВАНОВА