Ньукуолун күнүн көрсө күөххэ үктэнэн, самаан сайын салаллан кэлбит үөрүүлээх күнүгэр Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин “Аргыс” оҕо видеостудията, эбии үөрэхтээһин педагога Лидия Ларионова, оператор Ярослав Филиппов устубут «Мин саха уолабын» диэн видеоклибын сүрэхтэниитэ буолла. Видеоклипка В.Г. Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатын 3б кылааһын уолаттарын «Кэскил» ансаамбыла (кылаас салайааччыта Анна Алексеева, уус-уран салайааччы Ирина Лукина) М. Жирков тылларыгар, Н. Макарова мелодиятыгар “Мин саха уолабын” диэн ырыаны толорбуттар. Килииби «Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа “Чохоон” сыһыарыытыгар икки ый устата 1200 киһи көрбүт, 50-ча сэҥээриги (лайк) хомуйбут. Сүрэхтэниигэ килиип хайдах уһуллубутун санаан-ахтан хаартыскалары көрдүбүт. Быйакы, Өтөөкү күһүҥҥү, сааскы, сайыҥҥы кэрэ айылҕата, Сунтаар сураҕырар ыһыахтыыр, сынньанар паарката ырыа ис хоһоонун ситэрэн-хоторон биэрбиттэр.
Айна ЯКОВЛЕВА