Алтынньы 2 күнэ сунтаардарга күүтүүлээх уонна олус диэн долгутуулаах күн буолан ааста.
Бу күн биһиги киэн туттар киһибит, биир дойдулаахпыт Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты сүгэр хорсун хоһуун Филипп Евсеев, дойдутугар ыалдьыттаата. Дьоруойу көрөөрү, көрсөөрү кыралыын-улаханныын долгуйуу күнэ…

Мантан биир арыый да ураты уонна киһи сэргиэх, сэҥээриэх түгэнин истэн ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэр тоҕоостоох.
«Дьоруойу кытта көрсүү кыра кылаас уолаттарыгар Албан аат болуоссатыгар, алтынньы 2 күнүгэр 14 ч…» диэн ис хоһоонноох сорудах оскуолаларынан, кылаастарынан тарҕаммыта. Оҕолор үгүстэрэ даҕаны Дьиҥнээх Дьоруой диэн кимин, тугун көрөөрү, билээри долгуйбуттара биллэр.
Долгутуулаах күн сарсыарда И.С. Иванов аатынан Сунтаар 2 N-дээх орто оскуолатын алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ эмиэ көрсүһүүгэ барардыы тэриммиттэр.
4-с кылаас үөрэнээччитэ 10 саастаах Павел Габышев ийэтигэр: «Бүгүн туох күнэй? Дьоруойдуун көрсөр күн! Бырааһынньык!» — диэн байыаннай пуорматын өтүүктэнэн, бэлэмнэнэн үөрэн-көтөн барбыт. Ол эрээри ити күн, халлааммыт тымныы буолан, «кыралар тоҥуохтара» диэн тохтоппуттар. Павлик, сарсыарда үөрэн дьиэтиттэн тахсан барбыт оҕо, күнүс кэлэн саҥата-иҥэтэ сүтэн: «Мин наһаа көрүөхпүн баҕарбытым… Дьоруойу!» — диэн хомойон харах ууламмыт. Ийэтэ оҕотун уоскутан баран, уруу-аймах бассаап бөлөҕөр ити түгэни үллэстэн суруйбут. Онто соһуччу үөрүүнү бэлэхтээтэ. Ол туһунан Екатерина Габышева бу курдук үллэстэр:

— Сотору соҕус буолан баран: «…балаҕаҥҥа көрүсһүүгэ Павлигы аҕалаҕыт дуо» диэн нэһилиэкпит баһылыга Эдуард Егорович суруйбутун миэхэ ыыттылар. Мин уолбун уоскуйдун диэн ол иннинэ футболлуу оскуолатыгар ыыппытым. Ыҥырбыттарын истээт, Павликпын тута оскуолаттан баран ыллым. Массыынаҕа олорон эрэ уолум ханна, кимниин көрсө баран иһэрин билэн хараҕа уоттанна… Тиийэн илии тутуһан, хаартыскаҕа түһүү буолла. Көрсүһүү кэнниттэн, тахсан баран Павлик: «Элбэх баҕайы боппуруоһу бэлэмнэммитим даҕаны наһаа долгуйан, ыксаан умнан кэбистим. Дьоруой — диэн сөптөөх, хорсун быһыыны оҥорбут улахан киһи. Улааттахпына мин эмиэ дьоруой буолуохпун баҕарабын. Дьоруой диэн төрөөбүт дойдутун көмүскүүр, үтүө санаалаах киһи! Кини биһиги бэрэсидьиэммитиниин Путинныын илии тутуһарыгар эмиэ долгуйбута буолуо дуу?«, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Павел Габышев туйгун үөрэнээччи, үөрэҕэр аһара кыһаллар, ону сэргэ футболунан дьарыгырар.
Бу курдук кырачаан Сунтаар уола Павлик Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсееви сирэй көрсөн, Дьоруойу кытта илии тутуһан, баҕа санаата соһуччу туолан, умнуллубат түгэни хаалларда.

Юлия АЛЕКСЕЕВА.