Мин хос эһэм, Семенов Иппатий Алексеевич, 1922 сыллаахха Толстуой Одотугар төрөөбүтэ. Оҕо сааһыгар эрдэ тулаайах хаалбыт. Ыалга хамначчыттаан, араас үлэҕэ үлэлээбит. 1941 с. табаарыстыба биригэдьииринэн анаммыт. Ол курдук, кини кытаанах санаалаах, олох очурдарыгар оҕустарбат, үлэһит, чиэһинэй киһи этэ. 32 сыл устата сылгыhыттаан, сылгыны сөпкө иитэн-харайан, колхуос, сопхуос сылгы иитиитигэр көрдөрүүтүн куруук үрдүк таһымҥа тахсарыгар улахан кылаатын уурбут. Күүстээх, таһаарыылаах, бэриниилээх үлэтин иһин “Саха АССР бастыҥ сылгыһыта” үрдүк ааты ылбыта.

1942 с. от ыйыгар сэриигэ бэбиэскэ туппута. Сунтаарга киирэн 10 киhилээх отделенияҕа командирдаан кини бойобуой айана саҕаламмыт. Киренскэйтэн Иркутскайынан борохуотунан массыынанан айаннаан Чита уобалаһыгар тиийэр. Тиийээт  — мас бэлэмнииргэ үлэлииллэр. Манна үлэлээн үчүгэй көрдөрүүтүн иhин  ефрейтор званиетын ылбыт. Күhүнүгэр тас Монголияҕа сулууспатын салгыыр, танковай пулемет 80 полка 3 рота  командирынан сылдьыбыт. Оборуона оҥоруутун күүстээх үлэтигэр үлэлии-үлэлии салгыы сулууспалаабыт. 1943 с. муораҕа балык собуотугар ыыппыттар. Манна сылтан ордук 1945 сыл сааhыгар диэри үлэлиир. Үчүгэй көрдөрүүтүн иhин сержант званиетын биэрбиттэр уонна Сталин мэтээлинэн наҕараадаланар. 1945 с. тас Монголияҕа төннөн кэлэр. 1945 с. күhүн балаҕан ыйыгар Японияҕа сэрии буолар. Онно  5 киhилээх станковай  пулеметунан сэриигэ киирбит. 5 киhиттэн иккисаха (Бүлүүчээн киһитэ Игнатий Семенов) буолан кыттыбыттар. Онтон Мугден диэн куоракка кыайыы буолбут. 1 ый манна билиэннэйдэри тутан сыппыттар. Онтон Караганда куоракка тимир суолунан билиэннэйдэри  илдьэ харабыллаан кэлбиттэр. 1947 с. тохсунньу ыйга чааһыттан босхолонон тимир суолунан, массыынанан, атынан айаннаан олунньу 23 киэhэтигэр Хадаҥҥа тиийэн кэлбит.

1949 с. Илимнииргэ Мохрощукова Наталия Гаврильевнаны  көрсөн ыал буолбут, 3 оҕоломмуттар. Илимниир нэһилиэгин сайдарын туһугар үтүө суобастаахтык үлэлээн, дьоҥҥо көмөлөһөн, оҥорбут үтүөтэ элбэх. Кини, саҥа туттубут дьиэтин туораан туран, оскуола аһылларын туруорсан оҕолор атын нэһилиэккэ барбакка үөрэнэллэрин ситиспитэ. Суос-соҕотоҕун сыгынньах илиитинэн үрэхтэри холбоон Илимниир күөлүн үөскэтэн, көмүс хатырыктааҕы олохсутан, олохтоохторго үйэлэргэ өлгөм аһы бэлэхтээбитэ.

​ Эһэм үйэтин тухары бэриниилээх үлэтин иһин араас наҕараадалары, Албан ааттары ылбыта: үлэ бэтэрээнэ, Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта, Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун уонна Илимниир нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Эһэбинэн киэн туттабын.

Кирилл ИВАНОВ,

Сунтаар 1№-дээх оскуола,

7-с «в» кылааһын үөрэнээччитэ

Читайте дальше