Марк Потапов: «Хас биирдии тыыннаах хаалбыт күҥҥэр махтанаҕын»

Билиҥҥи уустук балаһыан­ньаҕа дойдуга бэриниилээх, түмсүүлээх буоллахха, норуот инникитэ сарсыҥҥылаах, бигэ кэскиллээх диэн эрэнэбит. Дойдубутун көмүскүүр сыаллаах хорсун-хоодуот санаалаах, эркин курдук эрэнэр, эйэлээх олох иһин туруулаһар биир дойдулаахтарбыт элбэхтэр.

Биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта байыаннай дьайыы кыттыылааҕа – Марк Потапов. Кини 8 оҕолоох Луиза, Леонид Потаповтар дьиэ кэргэттэригэр 6-с оҕонон Маар Күөлгэ күн сирин көрбүт. Онтон Дьаархаҥҥа көһөн, оскуоланы онно үөрэнэн бүтэрбит. Олоҕун аргыһа Айталыын ыал буолан, 4 оҕолоох эдэр ыал. Айта иитээччи идэлээх, кырачаанын көрөн олорор. Улахан оҕолор “Кыталык” уһуйаан иитиллээччилэрэ. Марк билигин “Служба спасения” тэрилтэҕэ үлэлии-хамныы сылдьар.

– Марк, үтүө күнүнэн, СВО-ҕа хаһан ыҥырыллан барбыккыный?

Мин  2022 сыллаахха балаҕан ыйыгар бастакы хомуурга ыҥырыллан барбытым. Оҕо эрдэхпиттэн армияны интэриэһиргиирим, байыаннай буолар баҕа санаалаах этим. Аан бастаан хантараагынан баҕа өттүнэн бара сатаабытым. Медосмотру доруобуйабынан кыайан ааспакка сыыйыллыбытым. Хайдах барыахпын сөбүн ыйыталаһан көрбүтүм, ону мобилизация эрэ буолар түгэнигэр барыаххын сөп диэн быһаарбыттара. Ол кэннэ сонуннары мэлдьи кэтээн көрөр этим. Хомуур буолара буолуо диэн испэр сэрэйбитим. Онтон балаҕан ыйыгар үлэбэр олордохпуна дойдубут бэрэси­­дьиэнэ туһаайыытыгар хомуур буоларын туһунан истибитим. Уонна тутатына военкомакка үлэлиир эдьиийбэр эрийэн «хайаан да миэхэ повестката биэрээриҥ» — диэн кэпсэппитим. Сотору соҕус буолан баран үлэбин туттарсан, повесткабын ылан, аҕыйах күнүнэн айаннаан, Хабаровскайга чааспытыгар тиийбиппит.

– Онтон дьэ… тиийбитиҥ хайдах эбитий?

Биир нэдиэлэлээх үөрэҕи ааспыппыт. Ол кэннэ Украинаҕа тиийэн полевой лааҕырга 15 күн сытан «передвижениеҕа» тактикаҕа күүстээх эрчиллиини барбыппыт. Ханна барарбытын, кэлэрбитин ким да эппэт, кистэлэҥ этэ. Херсонскай туһаайыытынан сылдьыбыппыт, Чаплынка дэриэбинэтигэр. Онно ый буолан, үһүс линияҕа сыппыппыт, инники кирбииттэн бу арыый да тэйиччи. Онтон ахсынньы ыйга бастакы линияҕа көспүппүт. 64-с гвардейскай биригээдэҕэ оборонаҕа көҥү көтүү буолбатын курдук улахан лесополосаны тутан сыппыппыт. Биһиги батальоммутугар сахалар элбэх этибит. Сунтаартан 10-тан тахса тэҥҥэ барбыт уолаттарбынаан сылдьыбытым. Билигин сибээспитин тута сылдьабыт. Бу соторутааҕыта  уоппускаҕа кэлэн бардылар. Биир уолбут, хомойуох иһин, суох буолбут.

– Өйгөр ордук хатаммыт түгэн диэн тугу кэпсиэҥ этэй?

Биир түгэн баар этэ, арай биирдэ патрульга сменаҕа турбутум кэннэ командирым эттэ: «К тебе какой-то якут подходил, маленького роста», – диэн. Тойбохой уола Дьулус диэн сэрэйдим уонна рациянан сибээскэ тахсан ыйыталастым. Ону: «Мин бара сылдьыбытым, бүгүн халлаан хараҥарыыта тиийиэм”– диэтэ. Киэһэлик кэллэ уонна кэтэ сылдьар сонун иһиттэн «Хоту-Ас» халбаһыытын хостоон: “Дойдуҥ аһын сиэр”, – диэн биэрбитэ. (Марк астына, үөрэ кэпсиир). Ити курдук Сахабыт сириттэн кэлбит гуманитарнай аһылыктан аҕалан күндүлээн турардаах. Бастаан саҥаттан саҥа сиргэ көһө сылдьар буолан ыарахаттардаах этэ. Онтон биир сиргэ өр сытар кэммитигэр «Саха волонтеры» диэҥҥэ сайаапка суруйар этибит. Онон көрөннөр туох суоҕунан көмө аҕалаллара. Көмө ас-таҥас аһара кэлэрэ, ыһаарыламмыт собо, о.д.а. дойдубут аһа олус үчүгэй буолар этэ. Сунтаар улууһун делегацията кэлбитигэр көрсүбүппүт.

– Кэлэн баран реабилитацияны ааспытыҥ дуо?

Кэргэним саллаат ийэлэрин кэмитиэтин кытта ситимнэһэн, реабилитацияны толору ааспытым. Ону тэҥэ, психологка сыл­­дьыбытым. Байыаннай психологтар кэлбит байыастары кытта күүскэ үлэлиэхтэрин наада дии саныыбын. Тиийэн баран тииһим аһара алдьаммыта. Олус кэбириир эбит, ол уутуттан, аһылыгыттан тутулуктаах буолуо. Кэлэн баран барытын көрдөрөн эмтэммитим.

– Байыаннай балаһыан­ньаҕа киһиэхэ ханнык хаачыстыба ордук көмөлөһөр дии санаатыҥ?

Мин кэтээн көрүүбүнэн, киһи бэйэтигэр эрэллээх, күүстээх санаалаах буолуохтаах. Куттанар, уолуйар киһи куһаҕан күүһү тардан ылар эбит. Саамай айылҕаҕа сылдьар үөрүйэҕим, бултуур-алтыыр сатабылым олус көмөлөспүтэ. Куобахтыыр этибит, атын уолаттар балыктыыллара. Онно биһигини, сахалары, олус убаастыыллар, сахалыы кэпсэтэрбитин аһара сыаналыыллар этэ. Рациянан бэйэбит тылбытынан кэпсэтэрбит, нууччалыы тылга «прослушка» баар. Ытыалаһыы буолла да, командирбар тылбаасчыттыыр этим. Сахалар элбэх буоламмыт үчүгэй, ойуурга тыалыы сылдьар курдук сананар этим.

–  Бэйэҕин уларыйдым дии саныыгын дуо?

Киһи уларыйар бөҕө буоллаҕа, өй-санаа өттүнэн. Олоҕу сыаналыыгын, хас биирдии тыыннаах хаалбыт күҥҥэр махтанаҕын. Бастаан кэлэн баран уу чуумпута дьикти баҕайы курдуга, кыайан утуйбат этим. Биир кэм тугу эрэ кэтэһэ сылдьар курдук буолаҕын. Дьиэ кэргэним аттыбар баар буолан уонна кыра оҕом күн сирин көрөн, ити кэм этэҥҥэ ааспыта.

– Билигин дьону быыһыыр аналлаах үлэҕэ сылдьар эбиккин.

Билиҥҥи үлэм “Служба спасения” эмиэ дьону көмүскүүр, быыһыыр сыаллаах-соруктаах. «Бу үлэҕэ үлэлээн көрүөҥ дуо» диэбиттэригэр тута сөбүлэһэн, куоракка собеседованиены ааһан, үлэҕэ киирбитим. Артем Яковлевтыын икки буолан үлэлиибит. Эрдэ дьону көрдөөһүҥҥэ баҕа өттүнэн сыл­дьар этим, онон кыра уопут баар.

– Саха киһитэ буоларыҥ быһыытынан харысхаллаах, көмүскэллээх буоларга туох наада дии саныыгын?

Биһиги бастаан военкоматтан хомуллан барарбытыгар улууспут аҕа баһылыга Анатолий Григорьев барыбытыгар харысхал бэлэхтэтэлээбитэ. Ону кэлиэхпэр диэри кэтэ сылдьыбытым. Аһара көмөлөстө дии саныыбын. Бүтэн кэлэрбэр хаалар уолаттарга бэлэхтээн кэлбитим: “Миэхэ көмөлөстө, аны эһиэхэ көмөлөстүн” диэн.

– Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар ийэлэригэр, кэргэттэригэр туох диэн туһаайан этиэҥ этэй?

Ийэ киһи санаата оҕоҕо тиийэр дииллэр. Онон күндү ийэлэргэ, кэргэттэригэр  үчүгэйи эрэ санаан, ыралаан сыл­дьалларыгар этиэм этэ. Түргэнник түмүктэнэн, бары этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын.

– Кэпсээниҥ иһин махтал. Бүгүҥҥү сэһэргэһиибит түмү­гэр норуотун төрүт итэҕэлин, үгэстэрин билэр, илдьэ сылдьар, ол сиэринэн иитиллибит  киһи олоххо хайа да түгэҥҥэ санаатынан самныбат дииллэригэр өссө төгүл итэҕэйдим.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше