Үөрэҕирии тэрилтэлэрин ортолоругар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бастыҥ технология кабинета» көрүү-күрэс түмүгэ билиннэ.
Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэҕирии идэлээх сойууһун Саха сиринээҕи тэрилтэтэ ыыппыт күрэһигэр Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто агротехнологическай хайысхалаах оскуолатын технологияҕа учуутала Мария Алексеевна Трофянова II-c истиэпэннээх диплому ылары ситистэ. Маннык күрэһи тэрийээччилэр, иитэр-үөрэтэр үлэ хаачыстыбатын тупсарыыга технология кабинетын оруолун үрдэтээри, итиэннэ уһуйааччылар үлэлэрин көҕүлүүр, өйүүр сыаллаах тэрийдилэр. Күрэс муус устар ыйтан саҕалаан сэтинньигэ диэри икки түһүмэҕинэн ыытылынна.
Бастакы түһүмэх улууспут иһигэр тэриллэн, Бүлүчээн, Кириэстээх, Күндэйэ, Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй оскуолаттан 5 технология учууталларын үлэлэрин уонна кинилэр үлэлиир кабинеттарын көрөн кыайыылаахтары таһаарбыттара. Оттон иккис түһүмэххэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан уопсайа 6 бастыҥ учуутал үлэлэрин сыаналаатылар. Мария Трофянова улууска ыытыллыбыт күрэскэ 1 мисэтэни ылары ситиһэн, чахчы бэйэтин кыаҕын-күүһүн, үлэлиир эйгэтин бэртик дьаһанан, үөрэнээччигэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ ылсан, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэскэ ситиһиилэннэ.
Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэс бары кыттааччыларыгар дипломнары, туоһу суруктары уонна уу харчынан бириэмийэлэри туттардылар. Бу, үөрэх материальнай-тиэхиньичэскэй баазата салгыы тупсарыгар, учуутал үлэтин таһыма сайдарыгар уонна үөрэнээччи сатабыла, билиитэ хаҥыырыгар, төһүү күүс буолар.
Елизавета ТИТОВА