Оҕо уһуйаантан бүтэн маҥнайгы кылааска киирдэҕинэ, кини олоҕо тосту уларыйар. Ортотунан оҕо оскуолаҕа адаптацията 3-6 ый буолар, сороҕор онтон уһуур. Бу бириэмэҕэ кини майгыта уларыйыан сөп – сорох оҕолор өрүкүйэллэр, сорохтор төттөрүтүн чуумпураллар. Бу кэмҥэ оҕо түргэнник сылайар, хаппырыыстыыр, төрөппүттэрин кытары этиһэрэ элбиэн сөп.
Ону таһынан, оҕо оскуолаҕа бардаҕына, кини эрэ олоҕо буолбакка, дьиэ кэргэн олоҕо барыта уларыйар. Бастакытынан, биллэрин курдук, оҕо оскуолаҕа киирдэҕинэ, кини күннээҕи эрэсиимэ уларыйар. Онон төрөппүттэр бу туһунан эрдэттэн толкуйдууллара, бэйэлэрин эрэсиимнэрин кытары эрдэттэн дьүөрэлииллэрэ табыгастаах. Оскуола кэнниттэн оҕо ханна уонна кимниин сылдьарын эрдэттэн быһаарар үчүгэй. Онтон ураты, оҕону бытовой тиэхиньикэни сөптөөхтүк туһанарга, ааны хатыырга, судургу эбиэти буһарынарга, куттал суох буолуутун быраабылаларын үөрэтэр наада. Оҕоҕо үөскүөн сөп араас кыһалҕалары барытын ыраҥалаан көрөн, төрөппүттэрин кытары сибээстэһэр ньымаларын кэпсэтэр туһалаах. Оччоҕо оҕо оскуолаҕа барбыт маҥнайгы күннэригэр эбии кини дьиэтигэр соҕотох олорор бириэмэтэ киниэхэ стресс буолуо суоҕа.
Ону таһынан, төрөппүт бэйэтэ эмиэ оҕото ыарахаттары көрсөрүгэр бэлэм буолара үчүгэй. Хас биирдии төрөппүт оҕотун үөрэҕэр ситиһиилээх буолуо диэн иһигэр эрэнэр. Ол гынан баран оҕо барыта куруук ситиһии үрдүгэр сылдьыбат. Ардыгар төрөппүт оҕото үөрэҕэр мөлтөҕүттэн кэлэйбитин, хомойбутун оҕотуттан сатаан кистээбэт. Оччоҕо оҕото бэйэтигэр эрэлин сүтэриэн сөп.
Төрөппүт оҕото адаптацияланарыгар хайдах көмөлөһүөн сөбүй?
1. Оҕо саҥа эйгэҕэ киирэригэр долгуйара, куттанара биллэр. Ол туһунан аһаҕастык кэпсэтэн, бэйэҕит олоххутугар буолбут итинник түгэннэр тустарынан кэпсээн, оҕоҕутугар өйөбүл буолуоххутун сөп.
2. Оҕо атын оҕолору кытары кэпсэтэрин ыарырҕатар буоллаҕына, учууталтан көмө көрдүөххүтүн, перемена бириэмэтигэр оҕолору анаан алтыһыннарарын туһунан көрдөһүөххүтүн сөп. Эбэтэр, атын төрөппүттэри кытта билсиһэн баран, бииргэ күүлэйдии баран, онно оҕолоргутун билсиһиннэриэххитин сөп.
3. Оҕо оскуолатааҥҥы олоҕун туһунан күн аайы ыйыталаһан, интэриэһиргээн кэпсэттэххитинэ, оҕо бу ыарахан кэмигэр соҕотох буолбатаҕын өйдүөҕэ.
4. Оҕо билбэт эйгэтигэр тиийэн бэйэтигэр эрэллээх буоларын наадатыгар кини толору аатын, төрөөбүт күнүн, олорор аадырыһын чопчу билэр буоларыгар кыһалла сатааҥ.
5. Оҕоҕо сынньанар бириэмэлээх буолуохтаах. Маҥнайгы кылаастан аһара элбэх куруһуокка сырытыннарыыттан оҕо сылайар, адаптациятын ааһарыгар ыарахан буолуон сөп.
Оҕо оскуолаҕа киирээһинэ – киниэхэ эрэ буолбакка, төрөппүккэ эмиэ олох саҥа кэрдииһэ буолар. Бу кэмҥэ төрөппүттэн элбэх эмоциональнай ресурс ирдэнэр, онон бэйэҕитигэр эмиэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһаргыт, үчүгэйдик сынньанаргыт, ис туруккутун кэтии сылдьаргыт табыгастаах. Төрөппүт үчүгэй туруга оҕоҕо эмиэ күүстээх өйөбүл буолар.
Туох эмэ ыйытыктаах буоллаххытына, Сунтаар сэл. Дормидонт Данилов аатынан уулусса 3-с нүөмэрдээх дьиэтигэр 17 хоско күүтэбит эбэтэр 22-1-27 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи итэҕэл төлөпүөнэ: 8-800-100-35-50, босхо, тохтобула суох үлэлиир.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинин Сунтаардааҕы филиалын исписэлииһэ Марина МАКАРОВА.