«Сунтаар сонуннара» хаһыат эрэдээксийэтэ маассабай успуорду, чөл олоҕу көҕүлээн 1995 сыллаахтан хаһыат бирииһигэр улахан дьоҥҥо, тэрилтэлэр икки ардыларыгар, үөрэнээччилэргэ эстафетаҕа уонна кросска күрэхтэһии ыытар. Тэрээһин Улуу Кыайыы күнүгэр – ыам ыйын 9 күнүгэр буолара үтүө үгэскэ кубулуйда.
Сүүрүүгэ сылын аайы кыттааччыларбыт көхтөөхтөрө биһиги үөрдэр. Бу кэлиҥҥи сылларга 100-чэ киһи кыттыылаах сүүрүү бырааһынньыга үгүс көрөөччүлээх буолар буолла. Сүүрээччи, хамаанда ахсаана өссө да элбиэ эбит эрээри, өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэр хамаандалара кыттыбаттара хомолтолоох. Дьиҥэр, хамаанда туруоран кыттар баҕалаахпыт да, өрүспүт хаайар диэн төлөпүөннээн этээччи нэһилиэктэр бааллар.
Былырыыҥҥы эстафетаҕа бастаабыт Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын кэлэктиибин хамаандата кыайыылаах буолан көһө сылдьар Кубогынан наҕарааадаламмыта. Быйыл бу Кубогы ким ылар эбитий эбэтэр 1 №-дээхтэр төттөрү илдьэ бараллар дуу? Онон дьэ, тэрилтэлэр хамаанда тэринэн, улуус хаһыатын бирииһин иһин сүүрүү күрэхтэһиитигэр көхтөөхтүк кыттаргытын күүтэбит. Хамаандалар биир тэҥ форма кэтэллэрэ биһирэнэр.
Оттон сүрүн бирииспит — «Сунтаар сонуннарын» бу сыл иккис аҥаарыгар босхо сурутан ааҕыы. Бу бирииспит эстафетаҕа бастаабыт хамаандаҕа (улахан дьоҥҥо) уонна кросска дистанцияларынан бастакы миэстэлэри ылбыт үөрэнээччилэргэ туттарыллар.
Эһиил Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит, ону сэргэ биһиги хаһыаппыт спортивнай тэрээһинэ ыытыллыбыта 30 сылын туолар. Онно бэлэмнэнэн быйыл элбэх хамаанда кыттара буолуо диэн эрэнэбит.
Ыам ыйын 9 күнүгэр күнүс 2 чаастан «Алмаас» стадиоҥҥа көрсүөххэ диэри!
ПОЛОЖЕНИЕ
эстафеты и кросса на призы газеты «Сунтаар сонуннара»,
посвященных к 79-летию Победы в ВОВ и приуроченных
к Году Семьи в России и Году Детства в республике
1. Цели и задачи:
— Пропаганда здорового образа жизни среди населения
— Выявление сильнейших спортсменов
— Вовлечение населения к массовым занятиям спорта
- Время и место проведения:
Соревнования проводятся 9 мая 2024 года в с. Сунтар
Мандатная комиссия с 13 ч. 00 м. до 13 ч. 30 м. (Стадион «Алмаз»)
Старт в 14 ч. 00 м. (стадион «Алмаз»)
- Участники соревнования:
Участвуют дети школьного возраста 2007 г.р. и младше (кросс), работники организаций и предприятий, команды из наслегов Сунтарского улуса (эстафета).
- Порядок проведения соревнований:
Среди взрослых (4 мужчины, 4 женщины)
1 этап – женщины – 100 метров
2 этап – мужчины – 100 метров
3 этап – женщины – 200 метров
4 этап – мужчины – 200 метров
5 этап – женщины – 300 метров
6 этап – мужчины – 300 метров
7 этап – женщины – 400 метров
8 этап – мужчины – 400 метров
Кросс среди школьников:
Возраст Юноши Девушки
2007-2008 г.р. 1500 м 1000 м
2009-2010 г.р. 1000 м 800 м
2011-2012 г.р. 800 м 600 м
2013 и мл. 400 м 400 м
- Награждение
Участники, занявшие призовые места, будут награждены грамотами и медалями, чемпионы – бесплатной подпиской на газету «Сунтаар сонуннара» на II полугодие 2024 г. и команда, занявшая 1 место в эстафете – переходящим Кубком.
- Заявки
Именная заявка с визой врача обязательна. Команды должны иметь свои нагрудные номера или отличительные надписи.
За справками обращаться по тел: 22-3-32, 89841150580 (Слюсарь М.М.).
Оргкомитет
«Сунтаар сонуннара» хаһыат эрэдээксийэтэ