Маар Күөлгэ сэргэх тэрээһиннэр

Маар-Күөл нэһилиэгэр ааспыт нэдиэлэҕэ сылын ахсын ыытыллар түөлбэлэринэн күрэх быйыл арыый да атыннык, уулуссаларынан арахсан, ыытылынна. Бу манна үс уулусса (Молодежная, Мастыыр-Чэлир, Кыыһааннаах) олохтоохторо ытыы күрэҕэр көхтөөхтүк кытыннылар. Хамаандаҕа 2 эр киһи, 1 дьахтар киирдэ. Кыттааччылар туран уонна олорон эрэ ыттылар ону сэргэ мүнүүтэгэ ытыы буолла. Бастакы миэстэни Кыыһааннаах хамаандата ылла, кинилжртэн кыра сөкүүндэнэн хаалан Молодежнай уулуссата иккис миэстэҕэ таҕыста. Үһүс миэстэни Мастыыр-Чэлир уулуссата ылла. Күрэхтэһии манан эрэ бүппэккэ 11 киһи муҥутуур кыайыылааҕы иһин 11 киһи илин — кэлин түһүстэ (5 дьахтар, 6 эр киһи) кытыннылар. Муҥутуур кыайыылаах  нэһилиэк баһылыга-Сергей Саввинов уонна Саргы Петрова буоллулар.

Маны сэргэ, Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар Ийэ күнүн чэрчитинэн сынньалаҥ киэһэтэ буолла. Урукку кэми ахтан-санаан араас оонньуу тэрилиннэ. Ол курдук, сэбиэскэй кэмнээҕи урукку ойуулуктары, урут ылланан ааспыт ырыалары толорооччутун, ырыатын, киинэ артыыстарын ааттарын таайдылар. Таайыы олус сэргэхтик, көхтөөхтүк ааста. Ону тэҥэ, урукку кэм аатырбыт ырыаларын караокенан ыллаатылар. Тэрээһин бириэмэтигэр мини буфетка «Буратино»,»Дюшес», кыбаас, компуот, уо.д.а. сыр харчыга атыылаһан амсайан урукку кэми санатта. Саамай интэриэһинэй, бу күн «Бастыҥ көстүүм» күрэҕэ ыытылынна. Кыайылааҕынан Виктория Петрова буолла. Кини ийэтин көстүүмүн кэтэн кэлэн кэпсээтэ, дьоҥҥо көрдөрдө. «Тапталы санатар» историялаах таҥас кыайыылааҕа  Людмила Петрова буолла. 70-с сылларга бэйэтэ кэтэ сылдьыбыт таҥастарын аҕалан көрдөрбүт Мариетта Спиридонова сэмэй бирииһинэн наҕараадаланна. Дьон-сэргэ тэрээһиннэргэ кыттан, сынньанан, дуоһуйа астынан тарҕаста.

Алена ИВАНОВА

 

Читайте дальше