Сааскы сынньалаҥ кэмигэр Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй 10-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Казахстаҥҥа Алматы куоракка профориентационнай үөрэхтээһин айаныгар сылдьан кэллилэр.
Айаны “Билим Саха Казахстан” диэн саха эдэркээн кыргыттара Алина Яковлева, Дайаана Потрнягина, Тина Турантаева төрүттээбит агентстволара тэрийдэ.
Алина Яковлева, “Билим Саха Казахстан” төрүттээччитэ: “Биһиги саха оҕолорун Казахстаҥҥа 2023 с. таһаарабыт. 7-11-с кылаас оҕолоругар профориентационнай туурдары оҥоробут. Казахстаҥҥа үөрэххэ киириэн баҕалаах оҕолорго көмөлөһөбүт уонна английскай тыл, IT хайысхалаах сайыҥҥы лааҕырдары тэрийэбит. “Билим Саха Казахстан” көмөтүнэн уопсайа 60 оҕо үөрэххэ киирдэ. Бу – биһиги улахан ситиһиибит. Казахстан айылҕата, дьоно-сэргэтэ, менталитета саха дьонугар олус чугас. Ол иһин, кэлиҥҥи сылларга элбэх саха дьоно Казахстаҥҥа олохсуйар буолла. Урукку сылларга 10 тарбах иһигэр киирэр устудьуон оҕолор баар буоллахтарына, билигин сахалар түмсүүлэннилэр. Саамай киэн туттуубут – Казахстан университетыгар саха оҕолоругар босхо үөрэххэ грант көрдөрдүбүт. Биһиги өҥөбүтүнэн куорат оҕолоро туһанааччылар. Бу сырыыга Сунтаар улууһун оҕолоро сырыттылар. Олус элэккэй, сахалыы өйдөөх-санаалаах оҕолору кытта билсистибит, салгыы да сибээспитин тутуохпут”.
Лиссиэй 10-с кылааһын салайааччыта Валентина Фомина айан туһунан санаатын маннык үллэстэр: “Билигин 10-с кылаас үөрэнээччитин ордук «ханнык үөрэххэ туттарсабын, ханнык идэни баһылыыбын» диэн санаа үүйэ-хаайа сылдьар кэмэ. Сынньалаҥы дьүөрэлии профориентационнай үлэни “Билим Саха Казахстан” тэрийэрин истэммит, төрөппүттэри кытта сүбэлэһэн баран, кинилэр өҥөлөрүнэн туһанарга санаммыппытыттан отой кэмсиммэтибит. Аҕыс техническэй, гуманитарнай уо.д.а хайысхалаах үөрэх кыһаларыгар сырыттыбыт. Ону таһынан Алматы куорат кэрэ сирдэрин кэрийдибит. Маннык айан оҕо көрүүтэ кэҥииригэр олус туһалаах”.
Денис Собакин СПТЛ-И 10-с кылааһын үөрэнээччитэ: “Маннык доҕотторбун кытта айан олоҕум биир умнуллубат, чаҕылхай түгэнинэн буолла. Элбэх үөрэх кыһатын кэрийдибит. Мин техническэй хайысхалаах үөрэхтэри көрдүм, билистим. Олус сөбүлээтим. Казахстан IT хайысхаҕа инники күөҥҥэ сылдьар эбит диэн бэлиэтээтим. Ону тэҥэ, Чарынскай каньоҥҥа, Кольсай күөлгэ, Шимбулак хайатыгар уо.д.а. кэрэ сирдэринэн сырыттыбыт. Бу айаны тэрийбит дьоҥҥо махталбытын тириэрдэбит!”.
Мира АФАНАСЬЕВА