Лааҕыр оҕолоро алаадьынан күндүлээтилэр

Улуус ыһыаҕар оҕолорго «Күлүм аллай, көрдө истиий» фольклорнай көрүҥнэргэ ыытыллыбыт күрэс быыһыгар үтүө санаалаах, элэккэй майгылаах үтүө-мааны доҕотторбут Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин «Дебют» сайыҥҥы лааҕырын оҕолоро саһарчы буспут алгыстаах алаадьыны дьиэлэригэр бэйэлэрэ астаан аҕалан күндүлээтилэр.

Күндү оҕолорбут Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылынан тапталлаах эбэлэригэр, эһэлэригэр, дьиэ кэргэттэргэ, уйгулаах ыһыах ыалдьыттарыгар ис сүрэхтэриттэн кыһамньылара кэпсээҥҥэ сылдьар бастыҥ холобур буоллун. Үтүө санааҕыт, эйэҕэс майгыгыт көтөр кынаккыт буоллун, киһи бэрдэ буола улаатыҥ!

Айна ЯКОВЛЕВА

Читайте дальше