Бу аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайга Онкология саҥа киинин тутуу үлэтэ бүтэн, үлэҕэ киирдэ.
Онкокиин үөрүүлээх аһыллыытыгар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин видеосибээс нөҥүө кытынна. Бэрэсидьиэни кытары сибээскэ Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин сүрүн бырааһа Татьяна Николаева уонна Ил Дархан Айсен Николаев таҕыстылар. «Киин билиҥҥи кэм ирдэбилигэр барытыгар эппиэттиир медицинскэй тэриллэринэн хааччылынна. Киин уопсай иэнэ 26 тыһыынча кв .м тахса иэннээх, 210 куойкаҕа радиология отделениелаах. Кииҥҥэ хирургия хайысхалаах 4 отделение аһыллыаҕа, сылга 4 тыһыынчаҕа тиийэ эпэрээссийэни оҥорор былаан баар», — диэн киин сүрүн бырааһа Татьяна Николаева иһитиннэрдэ.
Дойду бэрэсидьиэнэ Айсен Николаевы бырайыагы өйөөбүтүгэр махтанна уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун доруобуйаларын харыстааһын сүрүн соругунан буоларын өссө төгүл бэлиэтээн эттэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, Онкология киинэ РФ бэрэсидьинэ Владимир Путин 2019 сыллаахха көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулунна.
Онон Саха сирин олохтоохторо өр күүппүт эбийиэктэрэ үлэҕэ киирдэ. Биһиги улууспут олохтоохторо онкологическай киин аһылларын эмиэ өр күүппүт буолуохтаахтар. Кинилэр санааларыттан билсэ түһүөҕүҥ:
Анна Георгиевна Петрова, үс оҕолоох ийэ:
— Билигин бу киһи эрэ барыта долгуйар, куттанар ыарыыта — онкология элбээбитэ дьиксиннэрэр. Хомойуох иһин, мин чугас дьоммун ити ыарыы тумнубатаҕа…Өрүһүйэр кыахтаах балыыһа кииннэрэ үгүөрү үбү, түбүгү эрэйэр буоланнар, ийэбит кэмигэр быыһаммакка, олохтон эрдэ туораабыта. Онон бу Сахабыт сиригэр улахан суолталаах тутуу — онкологическай киин тутуллан, үлэҕэ киирэн эрэрэ махталлаах. Дойдубут бас-көс киһитэ Владимир Путин өйдөөн-төйдөөн уонна ытыктабыллаах Ил Дархаммыт Айсен Николаев бу сүдү суолталаах тутууну олоххо киллэрбитигэр ис сүрэхтэн махтанабын. Элбэх киһи дойдутугар эмтэниэ, олох олоруо.
Иннокентий Герасимович, эдэр аҕа:
— Саамай наадалаах, элбэх дьон күүппүт тутуута. Мин ити ыарыы булаабыт дьонуттан биирдэстэрэ буолабын. Эрдэ Сахабыт сиригэр маннык киин баара буоллар диэн олус диэн ыра санааланарым. Хомойуох иһин, бу ыарыыны кытта туруулаһарга киин куораттарга аҥаардас айана, көрдөрөрүҥ уһуна-киэҥэ уустук. Онон махтанабын бас-көс дьон олохтоохторго бу сүдү суолталаах киини толкуйдаан, хайаан даҕаны баар буолуохтааҕын ситиһэн үөрүүлээтик арыллыбытыгар.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.