Сунтаар сэрии иннинээҕи историятыгар алта сыл оройуону салайан олорбут муҥур былаастаах партия райкомун бастакы сэкирэтээрэ, сирдээҕи олоҕо баара-суоҕа 38 сааһыгар кыл түгэҥҥэ быһымахтык быстыбыт Николай Семенович Максимов 1900 сыл ахсынньы 23 күнүгэр Өлүөхүмэ оройуонун Кыыллаах нэһилиэгин дьадаҥы дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Николай Семенович 1937 с. бэс ыйын 10 күнүнээҕи автобиографиятыгар суруйбутунан “төрөппүттэрим тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлара – 10 төбө ынах, 2-3 төбө сылгы сүөһүлээхтэрэ уонна 1,5 дэһээтинэ сиргэ ньэчимиэн ыһаллара. Аҕам олох эдэр сааһыттан 40-гар диэри Лена бириискэлэригэр оробуочайдаабыта. Бэйэм 1915 с. Кыыллаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. 1916-1919 сс. 4 кылаастаах үрдүкү начаалынай училищеҕа 3 сыл үөрэммитим, ас-таҥас тиийбэтиттэн кыайан ситэ үөрэммэтэҕим. Аҕабар көмөлөһөн айахпытын ииттэн олорбуппут».
Оччотооҕу сиэринэн үөрэхтээх сытыы-хотуу эдэр киһи былаас уларыйыытыгар хайа диэки хайыспыта өйдөнөр. 1917 с. олунньутааҕы революция кэнниттэн куруһуок тэрийэн оччотооҕу баайдары утары санаалаах дьону бэйэтин тула түмэр. Колчак былааһа сууллуутун, земскэй органнар үрэллиилэрин уруйдуу-айхаллыы көрсүбүт уонна онно кыттыгастаах дьонтон биирдэстэрэ Николай Максимов этэ.
1920 с. сааһыгар Кыыллаах волисполкома Николай Максимовы Дьокуускай куоракка кылгас кэмнээх партийнай-советскай кууруска үөрэттэрэ ыытар. Онно сылдьан 1921 с. олунньутугар ВКП(б) кэккэтигэр киирэр. Ол кэнниттэн Өлүөхүмэ уеһыгар тэрийэр партийнай үлэҕэ сылдьар, уезд бюрота Максимовы төрөөбүт Кыыллааҕар партийнай ячейка тэрийэргэ сорудахтаан ыытар. Тэрийбит ячейкатыгар сэкирэтээринэн уонна буолас ревкомун бэрэссэдээтэлинэн ананан 1922 с. муус устар ыйыгар диэри түбүк үөһүгэр сылдьар.
Коробейников баандатын үлтүрүтүү кэннэ Кыһыл Армияҕа доброволеһынан баран 7-с Сибиирдээҕи своднай этэрээккэ красноармееһынан 1922 с. алтынньытыгар диэри сылдьар. Мэҥэ Хаҥалас уонна Арҕаа Хаҥалас оройуоннарыгар кыргыһыыларга кыттар.
Николай Максимов автобиографиятыгар салгыы суруйбутунан «демобилизацияланан баран Кыыллаахпар төннөн 1924 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри партячейка сэкирэтээринэн уонна оскуолаҕа учууталынан үлэлээбитим. 1924 сыл тохсунньутуттан Өлүөхүмэ уокуругун кэмитиэтин агитпроп салаатын сэбиэдиссэйинэн, сэкирэтээринэн, онтон ОГПУ уокуруктааҕы боломуочунайынан ананан үлэлээбитим. 1925 сыл бэс ыйыттан партия обкомун аппараатыгар бюро уурааҕынан үлэбин саҕалаабытым, обком дьыалаларын дьаһайааччынан 1926 сылга диэри үлэлээбитим.1926 сыл Өлүөхүмэҕэ партия уокуруктааҕы кэмитиэтигэр инструктордаабытым.
1927-1930 сс. Москваҕа И.В. Сталин аатынан илиҥҥи омуктар үлэһиттэрин коммунистическай университетыгар (КУТВ) үөрэммитим. Үһүс кууруһу бүтэрбитим кэннэ алтынньыга партия Киин Кэмитиэтэ 150 чулуу студеннары кытары Туркмения Керкинскэй уокуругар хлопок хомууругар боломуочунайынан ыыппыттара.
Ол кэнниттэн 1930 с. ахсынньытыттан Дьокуускайга партия обкомун инструкторынан үлэлээбитим. 1932 с. от ыйыттан партия Сунтаардааҕы райкомун бастакы сэкирэтээринэн талыллан командировкаламмытым».
Cунтаар оройуонун ааспыт үйэтээҕи отутус сылларын олоҕун-дьаһаҕын А.А.Васильев историческай очеркаларыттан билсиэххэ сөп. “1932 сыл атырдьах ыйыттан 1938 сыл бэс ыйыгар диэри алта сыл устата партия Сунтаардааҕы райкомун бастакы сэкирэтээринэн Николай Семенович Максимов олорбута. Бастакы бириэмэҕэ кинини Попов Г.И. солбуйара. 1934 сыл ахсынньыттан солбуйар сэкирэтээринэн, 1935 сыл алтынньы ыйтан райком иккис сэкирэтээринэн Гаврилов Семен Матвеевич талыллыбыта. 1937 сыл күһүнүттэн райкомҥа үһүс сэкирэтээр ыстаата бэриллибитэ, ол дуоһунаһы Степанов Степан Васильевич толорбута”.
Н.С. Максимов оройуону салайар кэмнэрэ – «кылаассабай охсуһуу», «хаҥас халыйыы», «чыыска» сыллара этэ. 1933-1934 сс. ыытыллыбыт «партияны ыраастааһын», 1935-1936 сыллардааҕы «партийнай докумуоннары бэрэбиэркэлээһин» хампаанньалара элбэх үлэһити, сулууспалааҕы үрдүнэн барбыттара биллэр. Бу хампаанньалар кэмнэригэр хас биирдии коммунист бэйэтин үлэтин, олоҕун, төрдүн-ууһун, ону тэҥэ партия Устаабын уонна бырагырааматын хайдах толорон иһэрин туһунан маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэтигэр, партия райкомугар отчуоттуура. Туох эмэ сыыһаны, үлэтигэр бөдөҥ итэҕэһи таһаарбыт, эбэтэр төрдө-ууһа «куһаҕан» буоллаҕына партияттан таһаараллара, үлэтиттэн уураталлара.
Оччотооҕу олох хардыытын омсуолаах өрүттэриттэн ураты киһини үөрдэр чахчылар эмиэ бааллара. Холобур, Николай Семенович оройуону салайан олорор кэмигэр холкуостары тэрийии тэтимин маннык сыыппаралартан көрүөххэ сөп – 1933 с. 38 холкуос баара, 1934-47, 1935-64, 1936-71, 1937-73, 1938-81.
А.А. Васильев суруйарынан «1937-1939 сыллар дойду үрдүнэн ааҥнаабыт сойуолааһын (репрессия) сылларынан ааҕыллыбыттара. Саха сиригэр ити сойуолааһын ыараханнык, алдьатыылаахтык барбыта биллэр. Оттон Сунтаар оройуонугар салайар үлэһиттэри тутуу-хабыы, олоҕо суох сууттааһын, “норуот өстөөхтөрүн” үлтүрүтүү барбатаҕа. Ол Сунтаар салайааччылара ордук эрэллээх “бассабыыктарынан”, онтон НКВД үлэһиттэрэ ордук “эйэлээхтэринэн” быһаарыллыбатаҕа чахчы. Быһаарыыта судургу – манна үөрэхтээх, республикаҕа авторитеттаах бөдөҥ салайааччы суоҕа. Н.С. Максимов сөмөлүөт суулларыгар түбэһэн сор суолламмыта, С.З. Борисов оройуонтан эрдэ баран биэрбитэ, соҕотох С.М.Гавриловы сууттуу сатаабыттара эрээри, буруйа кыра буолан быыһаммыта”.
Н.С. Максимов аатын өрөспүүбүлүкэ историятыгар өссө биир түгэнинэн сибээстээн ахтан ааһыахха сөп. Ол А.Е. Кулаковскай «Саха интеллигенциятыгар» үлэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ тиксэригэр-биллэригэр кыттыгаһа буолар. Саха бастакы бөлүһүөгүнэн ааҕыллар Егор Михайлович Молотков өлбүтүн кэннэ көрүүтэ-харайыыта суох хаалбыт кини баай архыыбыттан Кулаковскай бу үлэтэ оройуон салалтатыгар тиксибит. Николай Семенович бу докумуону партия уобаластааҕы архыыбыгар туттарбытын туһунан Г.П. Башарин үрдүктүк сыаналаан маннык суруйбут: «Саха уобаластааҕы партийнай архыыпка суругу 1930 с. эбэтэр 30-с сыллар саҕаланыыларыгар Николай Семенович Максимов түһэрбит. Н.С. Максимов үчүгэй өйдөөх-санаалаах, үөрэхтээх киһи буоларын быһыытынан, докумуон ураты суолталааҕын таба сыаналаан партархыыпка туттарбыта чахчы. Кини дьиҥнээх коммунистыы быһыыламмыт. Культура уонна ордук наука докумуоннарын суолталарын өйдүүр дьонтон үрдүк сыанабылы уонна махталы ыла туруо дии саныыбын».
Сунтаар кыраайы үөрэтээччилэрэ Д.Попов уонна Н. Сергеев Николай Семенович Максимовы бэрт аҕыйах саҥалаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, көрсүө-сэмэй, нус-хас киһи этэ диэн үөлээннээхтэрэ бэлиэтииллэрин суруйбуттара.
Николай Семенович Максимов олоҕун бүтэһик кэрдиис кэмин туоһулуур биир докумуон Национальнай архыыпка харалла сытар.
Всесоюзная компартия (большевиков) ВКП(б) Якутский областной комитет от 15 мая 1938 года
ВЫПИСКА
из протокола №56 заседания бюро Якутского обкома ВКП(б) от 7 мая 1938 года о первом секретаре Сунтарского РК ВКП(б) тов. Максимова Н.С.
тов. Горский
Отозвать в распоряжение обкома первого секретаря Сунтарского РК ВКП(б) тов. Максимова Н.С. после проведения отчетно-выборного районного партсобрания для использования на руководящей партийной работе.
Н.С. Максимов 1938 с. бэс ыйын 6 күнүгэр Сунтаартан Дьокуускайга бараары Бүлүүттэн олорсубут сөмөлүөтэ Дьокуускайга боротуокаҕа түһэн баран саахалланыытыгар түбэһэн, баара-суоҕа 38 сааһыгар олохтон туораабыта. Кини кэргэнэ, оҕото суох сулумах сылдьыбыта.
Бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Максимова Александра Семеновна (1899-1950) Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа икки сыл үөрэммитэ, Өлүөхүмэ уонна Сунтаар оройуонун оскуолаларыгар учууталлаабыта. Александра Семеновна кэргэнэ эмиэ Кыыллаахтан төрүттээх Василий Иванович Сиэллээхэп (1905-1943) Тойбохой оскуолатыгар 1939 с. завуһунан, 1940-1942 сс. үөрэх салаатын иниспиэктэринэн үлэлээбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан 1943 сыл сэтинньи 5 күнүгэр госпиталга сырдык тыына быстыбыта. Александра Семеновна уонна Василий Иванович Сиэллээхэптэр педагогическай династияларын төрүттээччилэр буолаллар.
Николай Семенович Максимов. Москваҕа И.В. Сталин аатынан илиҥҥи омуктар үлэһиттэрин коммунистическай университетыгар (КУТВ-га) үөрэммит, баартыйа обкомугар инструктордыы сылдьыбыт, өрөспүүбүлүкэ биир улахан оройуонугар баһылаан олорор баартыйа бастакы сэкиритээринэн алта сыл устата тиритэ-хорута үлэлээбит киһини быстах өлүү илдьэ барбатаҕа буоллар иннигэр туох күүтүө эбитэ буолла?.
Альбина ИВАНОВА