«Кыталык» уһуйааҥҥа Сомоҕолоһуу күнэ

2005 сыллаахха Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан сэтинньи 4 күнэ Сомоҕолоһуу күнүнэн биллэриллибитэ. Онон бу күн дойду үрдүнэн араас норуот сомоҕолоһуутун бэлиэтиир кэрэхсэбиллээх күндү күнүнэн биллэр.

Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн «Кыталык» уһуйааммытыгар «Сомоҕолоһуу — биһиги күүспүт» диэн тиэмэлээх араас омук норуоттарын күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр буолан аастылар. Иитээччилэр эрдэттэн бэлэмнэнэн, анаммыт омуктарын историятын, тылын-өһүн, таҥаһын-сабын, ырыаларын-тойуктарын, туттар тэриллэрин умсугутуулаахтык кэпсээн оҕолорго билиһиннэрдилэр. Нэдиэлэ бүтүүтэ түмүктүүр тэрээһининэн үҥкүү кэрэ күнэ буолла. Хореограф Надежда Павлова араас дойду омуктарын үҥкүүтүн оҕолорго үөрэтэн, үҥкүүнү көрөн, бэйэбит омук дойдуларыгар илэ баар курдук сананныбыт.

Төрөппүттэр хас биирдии оҕо көстүүмүн кыһаллан тикпиттэрэ үҥкүү күнүн олус киэргэттэ. Күрэх уопсай түмүгүнэн оҕолор кубогынан наҕараадаланан, ситиһии көтөллөнөн олус үөрдүлэр.

Кыра саастаах бөлөх оҕолоругар:

I миэстэ: «Мичээр» бөлөх. Иитээччилэр: Акимова Е.А., Попова А.В.

II миэстэ: «Чуораанчык», иитээччилэр: Афанасьева К.В., Петрова В.И.

III миэстэ: «Куобахчаан», иитээччилэр: Винокурова С.Д., Петрова В.И.

Улахан саастаах бөлөх оҕолоругар:

I миэстэ: «Сир симэхтэрэ» бөлөх, иитээччилэр: Егорова Л.М., Кытахова С.М.

II миэстэ: «Сулусчаан», иитээччилэр: Николаева С.А., Пахомова С.Н.

III миэстэ: «Чөмчүүк саас» бөлөх, иитээччилэр: Пахомова С.Н., Андреева Е.В.

Барыгытын Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэлиибит. Сир үрдүгэр эйэлээх олох баар туругурдун, ситиһии, эрэллээх доҕор аттыгытыгар куруук баар буоллуннар.

Бу курдук сэргэх тэрээһиннэр оҕо эргиччи сайдарыгар олус көмөлөөхтөр. Хас биирдии төрөппүт оҕо сайдарын туһугар кыһамньыта биһигини кынаттыыр, үөрдэр. Инники да өттүгэр маннык хабааннаах тэрээһиннэри ыытары былаанныыбыт.

Катерина АФАНАСЬЕВА, «Кыталык» уһуйаан иитээччитэ.

Читайте дальше