Сунтаардааҕы 11N-дээх «Кыталык» оҕо уһуйааныгар бүгүн үөрүүлээх күн тосхойдо. Ол курдук оҕо сайдар киинэ быйыл олохтоох бырайыактары өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) киирсэн, уһуйаан территориятыгар сабыс-саҥа оҕо былаһааккатын туттарбыта. Оҕолор, төрөппүттэр көһүппүт түгэннэрэ — былаһаакка өрөгөйдөөх арыллыыта бүгүн, балаҕан ыйын 7 күнүгэр буолла.
11 N-дээх «Кыталык» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Валентина Петрова үөрүүтүн бу курдук үллэһиннэ:
— Бу иннинэ былаһааккабыт мөлтөх, аныгы үйэҕэ эппиэттээбэт буолан, төрөппүттэр наар туруорсаллар этэ. Улуус дьаһалтатын ФКУ бырамыысыланнаска отделын кытта төрөппүттэр, кэлэктииппит ыкса үлэлэһэн, бу былаһааккаланныбыт. Биир ый иһинэн оҥордулар. Оҕолорбут, төрөппүттэрбит олус үөрэллэр. Туох баар үлэлэспит дьоҥҥо, төрөппүттэр, үлэһиттэр ааттарыттан махталбын этэбин.
Бу бырагыраамаҕа киирэргэ төрөппүттэр, үлэһиттэр 60 тыһ.солк. хомуйан бырайыакка укпуттар. Былаһаакка 8 эбийиэктэн турар, оҕо оонньуур горкалаах, газоннаах. Саҥа оонньуур былаһаакка аһыллаатын кытта тута кырачааннар үөрэ-көтө оонньообутунан бардылар.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.