Кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ үмүрүйэр

Сунтаарбыт улууһугар кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ тэтимнээхтик барар. Бу туһунан ОДЬКХ Сунтаардааҕы филиалын кылаабынай инженерэ Степан Егоровы кытта туох, ханнык үлэлэр барбыттарын билистибит.
« Биһиги филиалбыт улуус үрдүнэн уопсайа 29 хочуолунайы оттор, 48 км ититэр ситим, 10 ууну ыраастыыр ыстаансыйа, 23 км ыраас уунан хааччыйар ититэр ситим баар. Билигин сүрүн өрөмүөн үлэтэ түмүктэннэ. Ол курдук, сайын Дьаархан, Күүкэй, Кириэстээх, Сунтаар нэһилиэктэригэр хочуол хапытаалынай өрөмүөнэ ыытылынна. Саҥа хочуоллар Элгээйигэ уонна Куокунуга турдулар. Түбэй нэһилиэгэр «Подключение частного сектора» диэн бырагырааманан 1,5 км ититии ситимэ тардыллан барыта 21 ыал холбоноро былааннанар. Бу ыаллары ситимҥэ холбуур наадатыгар 200 м эбии реконструкцияланан уонна насоснай оборудование улахан кыамтаҕа уларыйан монтажтанар. Бу трассаҕа тымныы уулаах турба, ыраас уу киирэригэр бэлэмнэнии үлэтэ эмиэ барда. Маар-Күөл нэһилиэгэр чааһынай ыаллары холбуурга ититии ситимэ тардыллар үлэтэ бара турар. Маны сэргэ Кутанаҕа, Элгээйигэ, Куокунуга 780 м турбалары саҥардан уларыттыбыт. Бордоҥ нэһилиэгэр 200 м ититии ситимэ тардыллан «Хатыҥчаан” уһуйаана холбонорго бэлэм. Кириэстээххэ тутулла турар кулуупка 660 м тардыллыахтаах, үлэтэ бара турар”.
Бу курдук кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ сайын устата барбыт. Уопсайа 22 мөлүйүөн үп көрүллүбүтүттэн барыта туһаныллыбыт. Балаҕан ыйын 1-кы күнүттэн ууну хочуолунайдарга хачайдааһына ыытыллан балаҕан ыйын 6-гар ититии холбоноро күүтүллэр.
Сылааһы, ууну хааччыйар биир сүрүн тэрилтэбит уһун кыстыгы этэҥҥэ туоруур үлэлэрэ үмүрүйэн ситиһиилээхтик түмүктэннин.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше