Сүүрэргэ табыгастаах атах таҥаһа, миэтирэлээх таҥас, былаат, сап, кыптый, бириэмэҕэ үлэ бу ханнык күрэс буолуой? Н.М.Родионова аатынан оҕо дьоҕурун сайыннарар киин улаатан эрэр обургу кыргыттарга «Иис эстафетата» диэн саҥа, сонун күрэһи тэрийэн ыытта. 7-8 кылаас үөрэнээччилэрин кыргыттара бириэмэҕэ фартук тигиитигэр күрэстэстилэр. Эстафета 6- тигэр таҥаһы декатировкалааһын, киэп оҥоруу, таҥас быһыыта, иистэнэр массыынаны бэлэмнээһин, тигии уонна таҥастарын түмүк көрүҥүн өтүүктээн тупсарыы түһүмэхтэртэн турда. Хамаандалар Элгээйиттэн, Уһун Күөлтэн, Күндэйэттэн, Сунтаар 1,2 №-дээх оскуолаларыттан кытыннылар. Ол курдук, хамаандаҕа 5 оҕо уонна 1 салайааччы киирдэ. Салайааччы- оҕоҕо сүбэ-ама эрэ биэриэн сөптөөх кыттааччы быһыытынан кытынна.
Эстафета успуорт көрүҥүн курдук бириэмэҕэ ыытыллан сүүрүүлээх- көтүүлээх, тэтимнээхтик ааста. Күрэс кэмигэр харах уута эмиэ баар этэ.
Бырайыак ааптара Мутукча Баҕатаан:»Кыыс иэримэ дьиэ хаһаайката буолар аналлаах. Иис үлэтин сатыыр үөрүйэҕэ кини олоҕугар туһалаах буолара саарбаҕа суох. Ол иһин кыргыттары иис кэрэ эйгэтигэр уһуйар, тардар сыалтан маннык күрэһи оҥорорго сананныбыт» диэн дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиирин быыһыгар кэпсээтэ.
Бүтэһик кыттааччы ытыһа тыаһаата. Күрэс түмүктэннэ. Бастыҥ иистэнньэҥнэр ааттара ааттанна
I үрдэл — Л.А. Попов аатынан Арыылаах агротехнологическай оскуолатын 7-8 кыл. хамаандата (салайааччы Григорьева Е.С.)
II үрдэл — П.Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын 7 кыл. хамаандата (сал. Егорова М.Н.)
III үрдэл — Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолатын 7-8 кыл. Хамаандата (сал. Павлова К.В.). Кыайыылаах хамаанда 5000 солк.уу харчынан наҕараадаланна.
Ону тэҥэ хас биирдии эстафета көрүҥүнэн анал ааттар ананнылар:
«Бастыҥ декатировщик» Мария Егорова П.Х. Староватов аат. Элгээйи орто оскуолатын хамаандатын салайааччыта;
«Бастыҥ киэп оҥорооччу» Ира Трофянова, Б.Н. Егоров аат Күндэйэ орто оскуолата;
«Бастыҥ быһааччы» Кюндюня Яковлева, Л.А. Попов аат. Арыылаах агротехнологическай оскуолата;
«Бастыҥнык иистэнэр массыынаны бэлэмнээччи» Семенова Саина, А.П. Павлов аат. Сунтаардааҕы орто оскуолата;
«Бастыҥ тигээччи» Анна Павлова, Л.А. Попов аат. Арыылаах агротехнологическай оскуолата;
«Бастыҥ өтүүктээччи» Нария Андреева, И.С. Иванов аат. Сунтаардааҕы 2№-дээх орто оскуолата.
Кыттааччы кыргыттар айылҕалара тардан эстафета бары көрүҥүн ситиһиилээхтик аастылар. Сатаабат кыргыттар диэн суохтарын кэриэтэ. Аныгыскы эстафетаҕа былааччыйа тиктиэххэ диэн тыл көтөхтүлэр.
Мира АФАНАСЬЕВА