Кырачааннарга төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэн

Борис Игнатьев аатынан Дьаархан орто уопсай үөрэхтээһин оскуола-интэринээтин  уһуйааныгар тапталлаах дойдубут Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит бэлиэ күнүн көрсө «Сахам сирин таптыыбын!» диэн аралдьыйыы ыытылынна. Тэрээһин үөрүүлээх чааһа Сахабыт сирин Өрөгөйүн ырыатынан саҕаланна.

«Төрөөбүт дойдугун төһө билэҕин?» диэн тургутук оонньууга оҕолор көхтөөхтүк кыттан билиилэрин хаҥаттылар. Бу күн өбүгэлэрбит аһыыр, туттар иһиттэрин быыстапката турда.

Төрөппүттэр толору сахалыы астаах-үөллээх сандалы тэрийдилэр. Илиилэригэр дьоҕурдаах, кэрэ эйгэҕэ угуйар уран тарбахтаах ийэлэрбит, эбэлэрбит киэргэл оҥоһуктара тэрээһиммитин киэргэттэ.    Оҕолорго өбүгэлэрбит оонньууларын: «тыксаан», «ойбонтон уулааһын», «хабылык», «ытык эргитии» курдук оонньуулары оонньоттулар. Уһуйаан иитиллээччилэрэ сүрдээх көхтөөхтүк кыттан бэйэлэрэ да астыннылар. Сахалар саамай суолталыыр күндү астарын алаадьыны, минньигэс саламааты, күөрчэҕи, ис миинин уо.д.а. амсайдылар.

Төрөөбүт дойдубутун таптыахха, харыстыахха, саха буоларбытынан киэҥ туттуохха!

 

Анна АНДРЕЕВА, Дьаархан

Екатерина Павлова хаартыскаҕа түһэриитэ

Ааптар видеоустуута

Читайте дальше