Инньэ устудьуоннуу сылдьыахпыттан «Күннэй» диэн таксины элбэхтэ истэрим. Бу такси өҥөтүнэн бэйэм курдук ыччат дьон куораттан кэлэ-бара төһөлөөх туһаммыппыт буолуой?! Ол саҕана кини куолаһын төлөпүөнүнэн эрэ истэр буоллахпына, билигин илэ эн-мин дэһэбин.
2017 сыллаахха Каролина Парфенова Сунтаарга кэлэн элбэх кэрэ аҥарга куукуланы оҥорууга уһуйбута. Онтон бэттэх бу урамньынан дьарыктанар биллэ элбээтэ. Ол иһигэр — Тиихэн кыыһа Күннэй Петрова. Бастакы куукулата «Девушка на базаре», онтон С.А. Зверев-Кыыл Уолун «Оһуор» ансаамбылыгар сылдьыбыт ийэлээх аҕатын куукула
гынан үйэтитэн, билигин уонча куукулалаах. Кини маны таһынан уруһуйдьут, олус кичэллээх иистэнньэҥ. Бу барыта ийэтиттэн аҕатыттан утумнанан бэриллибит дьоҕурдар. Кини олунньу 27 күнүгэр «Удьуор утума» диэн быыстапкатын арыйда. Тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан олус элбэх киһи тоҕуоруһа түмсэн, Күннэй айар эйгэтин, уран оҥоһуктарын көрөн сэргээтилэр. Бу дьоро күн киниэхэ «Сунтаар улууһун норуотун маастара» үрдүк ааты иҥэрэн үөрүүтүн үрдэттилэр. Күннэй истиҥ эҕэрдэ! Быыстапка ый кэриҥэ туруоҕа, кэлэн көрүҥ!
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА