Күндү Сунтаар улууһун иитээччилэрэ, уһуйаан бары үлэһиттэрэ!

Балаҕан ыйын 27 күнэ – Дойду үрдүнэн оскуола иннинээҕи тэрилтэ үлэһиттэрин күнэ. Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын аатыттан иитээччилэри, уһуйаан бары үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыккытынан ис сүрэхтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин – киһи буолуу бастакы кэрдииһэ буоларын бары билэбит, манна уопсай култуура үөскээн, эт-хаан өй санаа, интеллектуальнай уонна сиэр-майгы өттүнэн сайдыы барар. Иитээччилэр оҕолор талааннарын арыйан, кыанар дьоҕурдарын уһугуннаран, үтүө суобастаахтык, эйэҕэстик сыһыаннаһан төрөөбүт дойдуларыгар тапталы уһугуннарарга дьулуһалларын үрдүктүк сыаналыыбыт. Эһиги үүнэр көлүөнэ инники сайдыытыгар сирдиир дьон буолаҕыт. Хас биирдиигит Саха Өрөспүүбүлүкэтин оскуола иннинээҕи үөрэҕин сайдыытыгар кылаата улахан. Сүҥкэн үлэҕитигэр дириҥ махталбытын тириэрдэбит!
Бү үөрүүлээх күнү көрсө эһиэхэ барыгытыгар дьоллоох-соргулаах, байылыат олоҕу, саха алмааһын курдук чиргэл, чэгиэн доруобуйаны, үлэҕэ өркөн ситиһиилэри баҕарабыт! Оскуола иннинээҕи үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэргэ өссө элбэҕи оҥоруоххут диэн эрэнэбит.

Борис ВАСИЛЬЕВ,
Сунтаар улууһун үөрэҕин
салалтатын салайааччыта.

 

Читайте дальше