Олохтоох көҕүлээһиннэри  өйүүр бырагыраама нэһилиэктэр сайдалларыгар улахан көдьүүстээх. Онно улуус уонна нэһилиэк дьаһалталара, олохтоохтор  бырагырааманы өйөөн, утары баран сылтан сыл аайы саҥа тутуулар эбиллэн, Күндэйэбит тупсан иһэр.

Ол курдук, биһиги нэһилиэкпитигэр «Беларусь» тыраахтар ылан, маспытын, муспутун, оппутун тиэнэрбитигэр абыранныбыт.  Оҕо аймах мустан оонньуур, дьон-сэргэ тоҕуоруһан сынньанар пааркабытыгар бөҕө-таҕа тимир эргимтэ оҥоһуллан тупсан турар, киирэр аартыкка «Күндэйэ» диэн  суруктаах бэлиэ турбута.  Сыл аайы  уулуссабыт саҥардыллан, оҥоһуллан тупсан иһэр.  Оттон бу ааспыт нэдиэлэҕэ  нэһилиэкпит киин уулуссатыгар барыта тимир баҕаналар туруорулланнар, лаампалар холбононнор уулуссабыт түүҥҥү өттүгэр сандааран олорор. Бу барыта ППМИ бырагырааманан ыытыллыбыт үлэлэр буолаллар. Уулуусалары сырдатыы үлэлэрэ салгыы барыахтара.

Үчүгэйэ диэн былырыын эмиэ бу бырагырааманаан ыал аайы сайыҥҥы уу ситимэ холбонон,  быйылгы өҥүрүк куйааска, курааҥҥа абыранныбыт.

Бу буолар, биһиги бырабыыталыстыбабыт тыа сирин сайдыытыгар көмөтө, өйөбүлэ.  Салгыы күүстээх үлэ өссө да барыа диэн эрэнэбит.

Феврония НИКОЛАЕВА

Читайте дальше