Бүгүн, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, Сунтаар улууһун Наталья Максимова салайааччылаах  доруобуйаларынан хааччахтаах дьоно,  Сунтаар ытык пааркатыгар түмсэн, көмүс күһүн куоппут да буоллар, хойутаабыт күһүн, биир күлүм гынар үөрүүлээх кэрэ күнүн бэйэбит бэйэбитигэр тэрийэн ыытан үөрдүбүт – көттүбүт, сэргэхсийдибит.

Сарсыардаттан саҕалаан муус маҥан хаар кылбааран куттаан сырытта. Ол да буоллар халлааммыт барахсан хааппыла ардаҕын түһэрбэккэ, кырпай хаарын кыыдамнаппакка, быыһыгар күммүт чаҕылыччы тыган , күһүҥҥү күн билигин да сылытар сыламыгар бигэнэн аһаҕас халлааҥҥа, чэбдик салгыҥҥа остуол хотойорунан астаах  эбиэттээн баран дьэ, оҕо сааспытын эргитэн оонньуу арааһын оонньоотубут ээ. Тэрийээччилэрбит Нина Краскова, Илларион Михайлов араас оонньууну толкуйдуур да буолаллар эбит. Сүүрэн кылымахтаммат, ойон күдээриппэт да дьоннорго араас оонньуулар бааллар эбит. Арагаайканан ытыыга оҕо сылдьан элбэхтик мурукулаабыт (моҕотойдообут) Наталья Кокарева кими да иннигэр түһэрбэтэ. Мантан кыһын уулусса банаардара тоҕута ытыллыбыт буоллахтарына ким диэкки көрөрбүт  буолла. Ыстакааҥҥа быалаах шаригы таба хабыы, сымыыт ячейкатынан шариктары хабан хомуйуу, төгүрүгү чоройон турар сыалга таба быраҕан кэтэрдии… – чэ араас оонньуу. Быыһыгар «Көмүс күһүн быйаҥыттан» быыстапкалаан да ыллыбыт. Манна бааллар араас дьикти оҕуруот астара, олортон бэлэмнэммит кыһыҥҥы хаһаастар, оҕуруот астарыттан дьикти бүлүүдэлэр. Киһи барыта 3 – 4 араас бирииһи аҕалбыт буолан, кэлбит барыта илии тутуурдаах буолан үөрдэ – көттө. Хадан көмүс тарбахтаахтара бэйэлэрин дьикти оҥоһуктара барыбытын үөртэ.

Мустубут дьон оҕолуу оонньоон маннык да оонньуу мустар үчүгэйиин диэн үөрэн көтөн тарҕастыбыт. Маннык кэрэ күнү салайааччыларбыт көҕүлээн, бэйэбит саба түһэн оҥорбуппут үчүгэй даҕаны. Ким саҥарбат, ким мөлтөхтүк истэр, куһаҕаннык көрөр, торуоскалаах хаамар да буоллар ким да кими да күөмчүлээбэт, бары бэйэ бэйэлэригэр көмөлөһө сатыы сылдьар — бу ыарыы диэн тугун билэр дьон биир уратылара эбит.

Пааркаҕа эһиилги ыһыахха бэлэмнэнэн, үлэ барбытын көрөн олус үөрдүм. Ат бүтэйин курдук хоччуоппабыт сарайдара, аҕыйах тойону – хотуну эрэ хорҕотор хаххалаах,  көннөрү дьону түһэр самыыр көҥүл көрүлэтэр үрүтэ суох олорор олбохторбут оннуттан суох гына ып ыраастык көтүрүллүбүттэр, ыраастаммыттар. Эһиилги үбүлүөйдээх ыһыахха төһө эрэ кэрэ көстүү буолар диэн эрэнним.

Ол эрэн кымыспыт балаҕана кип – кирдээх, көмүлүөкпүт эппиэччигэ тэллэйдэммит уонна саамай хомолтолооҕо түннүктэр таастара тоҕо сынньыллыбыта наараларга кырылыы сыталлар. Санаабыт буолбакка харбаан , хомуйан умата сатаатыбыт. Ити алдьаппыт атын ким да буолбатах, сунтаардар бэйэбит,  үчүгэйтэн үөрбэт, оҥоһуллубуту харыстаабат бэйэбит ииппит оҕолорбут, истэрэ аһыйбыт ыччаттарбыт, улахан дьоннорбут…

Ол да буоллар, бэйэбитигэр бүгэн хаалбакка, бэйэбит олохпутун бэйэбит киэргэтэн сир үрдүн симээн, үөрэ – көтө сүһүөхпүт уйарынан, санаабыт хоторунан чэгиэнник сылдьыаҕын.

Зинаида Федотова- Дьол Кыыма

Читайте дальше