Улуустааҕы айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Сергей Николаев күһүҥҥү кус сезона аһыллыан иннинэ кусчуттар ойуур баһаарын таһаарбат туһуттан туох ханнык миэрэлэри тутуһуохтаахтарын санатар:
— Айылҕа харыстабылын инспекцията иһитиннэрбитинэн бу күннэргэ куска көҥүлү биэрэ тураллар. Күһүҥҥү кус сезона, кэккэ мэһэйдэр үөскээбэтэхтэринэ, атырдьах ыйын 17 күнүттэн көҥүллэниэхтээх.
Манна иһитиннэрии быһыытынан эттэххэ, бүгүнҥү кун туругунан улууспутугар 4 баһаардаах олоробут. Улуус дьаһалтатын уурааҕынан, бу ый 3 күнүттэн Ыксаллаах быһыы-майгы режима биллэриллэн турар. Атын да оройуоннарга баһаар элбэх, олору умуруорарга үгүс үлэ бара турар. Ыксаллаах быһыы-майгы салгыы уһаатаҕына кус болдьоҕо көһүөн эмиэ сөп. Регионнарга оннук боломуочуйа бэриллэн турар.
Улуус олохтоохторун, кусчуттары, ойуурга сылдьааччылары баһаартан сэрэхтээх буоларга ыҥырабыт. Аһаҕас уоту-күөһү туттартан туттунуохха, кутаа оттон баран умуруорбакка барар булгуччу бобуллар. Маны сэргэ бэйэҕит кэннигититтэн араас бөҕү-сыыһы хаалларымаҥ. Хомуйбакка хаалларбыт пластик бытыылкалартан, таас иһиттэртэн күн уота суоһаан улахан алдьархай тахсарын умнумаҥ. Сааны-сэбиргэли илдьэ сылдьыы быраабылатын күүскэ тутуһуҥ диэн этэбин.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат