Кыһын Саха сириттэн саҕаланар

Сылын ахсын ыытыллар кырыа кыһыҥҥа анаммыт «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн улуус үрдүнэн, сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 3 күнүгэр диэри, араас тэрээһиннэр буолуохтара.

Бу манна сүрүннээн оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах араас куоҥкурус ыытыллара былааннанар. Ол курдук, оҕолорго анаан  — «3D уруучуканан уруһуй», «Араадьыйа испэктээкил», кэлэр сыл символын Дракону оҥорууга «Бастыҥ харыйа оонньууругар», оттон улахан дьоҥҥо «Маскараат күрэһэ» ыытыллыахтара. Маскараат көрүү-күрэҕэр тэрилтэнэн, түөлбэнэн, баҕалаахтар бөлөҕүнэн кыттыахтарын сөп. Бу куоҥкурустар түмүктэринэн кыайыылаахтар бириистэринэн наҕараадаланыахтара. Оттон оҕолорго ордук долгутуулаах, күүтүүлээх түгэн — харыйа уотун уматыы үөрүүлээх чааһа — ахсынньы 1 күнүгэр Ленин болуоссатыгар буолуоҕа.

Тымныы кыһыммыт барахсан биир бэлиэ түгэнинэн буолаары турар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт.

Сунтаар сонуннара хаһыат

Читайте дальше