Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл саҕаланна.
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» дойду биир саамай кыһыҥҥы күүтүүлээх бэстибээлэ сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр диэри буолар диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу бэстибээл чэрчитинэн үгүс интэриэһинэй тэрээһин ыытыллыа. Ол курдук «Тоҥ балыгы кыһыы-2023», «Саха сирин амтана» — ас бэстибээлэ, «Саха сирин бриллианнара» — хаар-муус оҥоһуктарга күрэс, «Хаарчаана Куо» — Хаарчааналар күрэстэрэ, о.д.а.
Санатар буоллахха, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстиибэл Дьокуускай куоракка 2011 сылтан тэриллэн ыытыллар.
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата.