Кыһыл көмүстэн кутуллан оҥоһуллубут иҥэһэни туттарда

Саха сиригэр биир киэҥник биллэр судаарыстыбаннай деятель, Оһуокай уонна успуорт сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит, тоҕус улуус бочуоттаах гражданина, Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина, Манчаары оонньуулара спартакиаданы тэрийбит успуорт салайааччыта, Оһуокай уопсастыбатын Ытык киһитэ, Аар Дархан этээччи, 90 сааһыгар диэри оһуокайдыы сылдьар аҕа табаарыспыт Афанасий Егорович Алексеев бэҕэһээ, улуу Сибиэрэп ытык күнүгэр, Оһуокай күрэҕэр Дархан этээччи Лариса Николаевна Иванова 60 сааһын көрсө Дьоллоох Дьокуускай куоракка икки күннээх өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын биһирээн туран, өр сылларга Лариса Николаевна өрөспүүбүлүкэ дьонун киэҥ түһүлгэтинэн биһирэппитин иһин, ыччаттары Оһуокайга үөрэтэ сылдьар үтүө үлэтин үрдүктүк сыаналаата. Ол туоһутунан кыһыл көмүстэн кутуллан оҥоһуллубут иҥэһэни мэтээл курдук анаан оҥотторбутун туттарда.
Лариса Николаевна инникитин өссө ситиһиилээх буоларыгар уонна Оһуокай уопсастыбатыгар элбэх этээччилэри түмэригэр махтанна. Биһиги Ытык киһибит Лариса Николаевнаны улаханнык сыаналабытыттан киэн тутуннубут.

 

Марта НИКОЛАЕВА.

Читайте дальше