Саха норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Наталья Владимировна Михалева-Сайа ыам ыйын 9 күнүгэр бэлиэ сааһын туолар.
Сайа олох эдэр сааһыттан саха поэзиятыгар чаҕылхай сулустуу эмискэччи күлүм гынан, элбэх киһини соһуппута да, долгуппута да.
Сайа хоһоонноругар элбэх ырыа айылынна, холобур, «Дьэҥкир иэйии» диэн биир хоһоонун аҕыс араас айааччы ырыа гынан көтүппүтэ биллэр. Оттон Пушкин хоһоонугар тылбааһа олох уу сахалыы тыыннаах, кини ураты дьикти иэйиитин Екатерина, Алексей Егоровтар таба туппут толоруулара киһи эрэ уйулҕатын хамсатар дьоһун ырыа буолан киэҥник тарҕаммыта.
Сайа хоһооннорун хомуурунньуктара, тылбаастара кинигэ буолан тахсан, ааҕааччылар куттарын туппута биллэр. Сайа хомоҕой хоһоонньут, тылбаасчыт эбит буоллаҕына, аны проза добун толоонугар айар үлэ ахсым атын арҕаһыгар хатаастан, кимиэллээхтик ойутан киирдэ.
Саха дьонун билинииитин ылбыт дьоһуннаах Далбар Хотуммутун Сайаны Улуу Кыайыы күнүгэр күн сирин көрбүт бэлиэ күҥҥүнэн улуус хаһыатын ааҕааччыларын ааттарыттан истиҥник эҕэрдэлиибит!
ЫАМ ЫЙЫН ХАЛЛААНА
Сылтан сыл ыраатан иһэҕин,
Ол эрэн сыдьаайа тураҕын,
Түөрт уон биэс сыллааҕы ыам ыйын
Өлүүнү үтэйбит халлаанын
Өрөгөй кылааннаах сарыала,
Сүрэххэ сааллыбыт этиҥин
Улуу дьол илдьиттээх дорҕооно,
Этиэхтэн эгэлгэ үөрүүтүн
«Кыайыы» диэн кынаттаах үөгүүтэ!
Бииртэн биир суох буолан иһэҕит,
Ол эрэн бу баарга дылыгыт,
Уот силлиэ буурҕаны чугуппут,
Улуу сут уораанын тулуйбут
Мин дойдум сомоҕо бар дьоно,
Кэлэр кэм кэскилин уһаммыт
Кэннинэн кэхтибэт кэккэтэ,
Инники кирбиигэ охсуспут
Мин сахам омугун чулуута.
Күнтэн күн күрэнэ тураҕыт,
Ол эрэн, ол эрэн… тиллэҕит,
Ыралаах номоххо киирэҥҥит,
Ырыалаах хоһоону тыыннааҥҥыт,
Хас биирдии сүрэҕи долгута,
Харахха уу буолан, халыйа
Харса суох толкуйу хамсата,
Санааҕа күүс уган, уһукта.
САЙА
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата