Кыайыы кынаттаах үҥкүүһүт Далбар хотуттар

“Үҥкүү” диэн — “үҥүү” диэн тылга олоҕуран үөскээбитинэн, үҥкүү саха итэҕэлин сорҕото буолар. Саханы саха дэппит өбүгэ төрүт үгэстэрин биир кылаан көрүҥэ буоларынан, былыр саха олоҕуттан саҕыллан кэлбит симэлийбэт баай култуурабыт быһыытынан үҥкүү баччааҥҥа дылы тэнийэн, биһиги күннээҕи олохпутугар дьарык быһыытынан  киирэ сылдьара үтүө даҕаны…

Былыр өбүгэлэрбит үҥэн, үҥкүүлээн, кэрэ эйгэҕэ ситимҥэ киирэн алгыс тардан туруктарын оҥостуналлар эбит. Төрүттэрбититтэн кэлбит үҥкүү хамсаныылара ордук саас ылан эрэр саха дьахталларыгар дьоһуннаахтык, силистээхтик, туруктаахтык, ис киирбэхтик көстөллөр диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо дии саныыбын. Кэтээн көрөр буоллахха, кинилэр хас биирдии хамсаныы суолтатын чугастык ылыналларынан, олоххо ураты сыһыаннаахтарынан, билиилэринэн-анаарыыларынан эдэр дьонтон балайда уопуттаахтарынан, айар эйгэни кытта эттэрэ-хааннара, өйдөрө-санаалара сөп түбэһэринэн үҥкүү туругар судургутук киирэллэр, илиилэрэ-атахтара улгумнук барар. Мэлдьи баар түбүктээх үлэлэриттэн сынньанаары, баар күннээҕи кыһалҕаларын умна түһээри, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһаары, үөрүү, таптал, махтал, дьол долгунугар умсаары кыыс, дьахтар аймах бэрт уруккуттан үҥкүүнү кэрэхсиир, киниэхэ тардыһар… Дьэ, ити курдук, кэрэ аҥар куруук күлэ-үөрэ, сырдыгынан-сылааһынан сыдьаайар буоллаҕына, кини кэскиллээх олоҕу түстүүр аналлаах, тулалыыр эйгэтин көстүбэт күүһүнэн көмүскүүр-харыстыыр, араҥаччылыыр айылгылаах буолар. Дьэ, хайдаҕый, ити курдук, үҥкүү ханнык баҕарар норуот өлбөт-сүппэт, симэлийбэт баай култууратын биир кэрэ, хатыламмат көрүҥэ.

Оттон, бу үҥкүүлэри туруорааччы исписэлиис кутун-сүрүн иэйиитин, олоҕу көрүүтүн, бэйэтин ис туругун, айылҕаны кытта ситимин, өбүгэ төрүт үгэһин ылыныытын көстүүтэ – кини, бу маны барытын үҥкүү хамсаныытыгар көрдөрөн, үҥкүү эйгэтигэр баһаам кылаатын киллэрэн,  ураты айылҕалаах, күннээх-дьыллаах сиргэ-уокка олохсуйбут өбүгэлэрбит үгэстэрин, төрүт култуураларын умнубакка, үүнүү-сайдыы суолун тутуһан үлэлии-хамсыы сылдьара буолар !

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас, Сунтаарбыт улууһугар Аҕам саастаах дьоҥҥо ытыктабыл сыла биллэриллибитинэн, муус устар 13 күнүгэр Элгээйитээҕи «Оһуор» култуура киинигэр (дир. В.Н. Семенов) «Дууһам миэнэ үҥкүүлээ!» улуустааҕы култуура кииннэрин иһинэн тэриллибит үҥкүү кэллэктииптэрин I-кы көрүү-күрэһэ үрдүк таһымҥа буолан ааста.

Бу кэскиллээх бырайыагы СӨ култууратын туйгуна, Элгээйитээҕи култуура киинин норуодунай «Оһуор» ТХК  балетмейстера, Егорова Ульяна Васильевна толкуйдаан, бэрт сэргэх олус сонун түһүлгэни олохтоото.

Үҥкүү кэрэ абылаҥын түһүлгэтин дьоһуннаах дьүүллүүр сүбэ көрдө, ырытта, кыайыылаахтары быһаарда.

  Дьүүллүүр сүбэҕэ киирдилэр:

А.Г.Самойлов  — Элгээйи нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта;

Р.Н. Никифорова — СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Күн сардаҥата» оҕо үҥкүү образ. анс.салайааччыта;

С.А. Григорьева — СӨ култууратын туйгуна, «Алгыс» оҕо үҥкүү образ. анс уһуйааччыта

А.В. Ядреева «Алгыс» оҕо образ. анс. выпускницата, Аксения, Наталья Пасельскаялар ааттарынан үрдүкү балетнай оскуола выпускницата.

Барыта сэттэ нэһилиэктэн күрэс түһүлгэтигэр — 10 бөлөх, уопсайа 102 киһи кыттыыны ылла. Кыттааччыларга анал ааттар иҥэрилиннилэр онтон КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ үрдүк аатын ылла «Далбар», «Ситим» үҥкүү бөлөхтөрө, сал. СӨ култууратын туйгуна Семенова. М.Н. (Тойбохой)

Түмүккэ, этиэҕи баҕарыллар: саас ортолоох, аҕам саастаах дьон үҥкүүгэ тардыһыыларын, дьоҕурдарын, айар талааннарын сайыннаралларыгар сөптөөх эйгэ хас биирдии нэһилиэк кулуубун дьиэтин иһинэн олохтонуохтаах. Ахсаан да өттүнэн, олоххо көхтөөх да көрүүлэринэн, араас тэрээһиҥҥэ кыттыһан иһэллэринэн саас ортолоох дьон нэһилиэк араҥатын биир саамай киэҥ аудиторията, тутаах дьоно буолаллар. Кэлиҥҥи кэмҥэ үҥкүүгэ саас ортолоох, аҕам саастаах кэрэ аҥардар тардыһыылара балай да тэнийэн эрэр, араас хайысха­лаах үҥкүү бөлөхтөрө сир-сир аайы тэриллэ тураллар, бу олус кэрэхсэбиллээх.

Бэйэм оннук кэллэктиипкэ үҥкүүлээбит буолан, дуоһуйуу үтүөтүн билэрбинэн, үҥкүүһүт Далбардар сынньалаҥ биир көрүҥүн курдук үҥкүүнү ылыналларын олус бэрткэ өйдүүбүн. Араас эйгэттэн мустан биир эйгэҕэ алтыһан, билсиһэн, санаа атастаһан, үөрүүлээх да, хомолтолоох да түгэҥҥэ иллээх ыал оҕолорун курдук сыһыан кинилэргэ үөскүүрэ баар суол. Бу хабыллар араҥа эйгэтэ дьоһуннаахтык кэҥииригэр бэйэм санаабын “Күбэйэ” үҥкүү бөлөҕүн салайааччытыгар Николай Баянаевка өссө эрдэ этэн турардааҕым. Илин эҥэр диэки аҕам саастаах кэрэ аҥардар бөлөхтөрө биллэ тэнийдэ, олор уопуттарын ылынан Сунтаарга үҥкүү күрэһин ыытан, эйгэни олохтуохха баара диэн. Хата, ону Ульяна Егорова, норуодунай «Оһуор» ТХК  балетмейстера, кулууп иһинэн үлэлиир орто, аҕам саастаах үҥкүү бөлөхтөрө сайдалларыгар диэн олус суолталаах бырайыагы толкуйдаабытын, санаатын этиммитин олус сэргии, үөрэ истибитим.

Кулууп ыытар үлэтин биир сүрүн ирдэбиллэригэр турар хайысха буоларынан, инникитин дьоһуннаах түһүлгэни тэрийиэхпит: маастар-кылаастаах, анал быыстапкалардаах, идэтийбит исписэлиистэр көрсүһэн уопут атастаһар, бырайыактарын көмүскүүр эйгэлэрин олохтоон, сөптөөх методическай көмө оҥорон, анал боросууралары таһааран — бу хайысхаҕа, бу араҥаҕа төрүт үҥкүүнү сөргүтэргэ, сайыннарарга кыттыһан үлэлэһэргэ диэн Ульяна Егоровалыын санаабытын этинэн турабыт. Онон, бастакы саҕалааһын олус бэрткэ тэриллибитинэн, үҥкүү туруорар исписэлиистэр, кыттааччылар санаалара дуоһуйан, бары илии тутуурдаах, анал ааттардаах, эһиилги күрэс түһүлгэтигэр өссө да күөн көрсүһэр санаалаах тарҕаспыттара истэргэ үчүгэй, кэскиллээх бырайыак олохтоммут диэн саныырга да кэрэ.

Түгэнинэн туһанан, тэрийээччилэргэ: бырайык ааптарыгар Ульяна Егороваҕа, Владимир Семенов салайааччылаах “Оһуор” култуура киинин үлэһит кэллэктиибигэр, көрүү-күрэс туһунан сиһилии сырдаппыт Эльвира Николаеваҕа махтал тылын аныыбын, өссө да сонун бырайыактар олоххо киирэ турдуннар, дьон сэҥээриитин ылыан ыллыннар!

Оттон, «КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ” аатын сүгүөн сүкпүт Тойбохойтон Клара Степановна уонна Александр Васильевич Тихоновтар ааттарын сүгэр “Кыталык” култуурунай киин (директор Н.Н. Павлова) иһинэн үлэлиир — «Далбар», «Ситим» үҥкүү бөлөхтөрүгэр, салайааччы СӨ култууратын туйгуна Мария Семеноваҕа өрөгөй үөрүүтүн билбиккитинэн эһиэхэ итии-истиҥ эҕэрдэ буоллун! Сунтаар улууһугар үҥкүү курдук кэрэ эйгэ сайдарыгар, өбүгэ төрүт үгэстэрин сөргүтүүгэ кылаатын киллэрэ сылдьар биир чаҕылхай кэллэктииппит буолар. Ол туоһутунан, 2023 сыл бүтүүтүгэр – “Танцевальный трофей России” бүтүн Арассыыйытааҕы бэстибээл-күрэс I –кы,  II –с истиэпэннээх лауреаттара, “Танцевальное признание” Норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл-күрэс I –кы истиэпэннээх лауреаттара, “Праздник Терпсихоры” 25-с төгүллээх Норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл-күрэс II –с истиэпэннээх лауреаттара ааттары сүгэн өрөгөй үөрүүтүн билбит, идэтийбит таһым үтүөтүн көрдөрбүт биир киэн туттар кэллэктииппит уонна идэтийбит таһымнаах балетмейстербыт буолар. Инникитин өрөспүүбүлүкэҕэ “норуот” үрдүк аатын сүгэр кэллэктииптэр ахсааннарыгар киирсэргэ үлэ ыыта сылдьаллар. Өссө даҕаны, үтүө ситиһиилэр бу кэллэктиипкэ, салайааччыга Мария Семеноваҕа, “Кыталык” култуура киинин үлэһиттэригэр кэлэ турдуннар диэн баҕа санаабытын этинэбит.

Галина САМОЙЛОВА,

информационнай, методическай салаа сэбиэдиссэйэ,

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

 

Читайте дальше