Күндэйэ нэһилиэгэр оскуола үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын итиэннэ биир дойдулаахтарын кытта көрсүһүү тэрийдилэр. Андриан төһө да кылгас кэмҥэ сынньалаҥҥа кэллэр, дьонун-сэргэтин кытта ирэ-хоро сэһэргэһэн, үүнэн эрэр көлүөнэҕэ олус туһалаах иһитиннэриитин кэпсээн үөрэнээччилэри уонна үлэһиттэри олус үөртэ, долгутта.
Билиҥҥи буола турар балаһыанньаҕа киһиэхэ бэрт кыра да наада уонна күндү. Ону өйдөөн туран, хас биирдиибит дойду туһугар туруулаһа сылдьар байыастарбытыгар кыра да көмөнү бэл диэтэр, иһирэх кэпсэтиини ыыталлара олус наадалаах. Итини этэн туран, Андриан бу сынньалаҥын кэмигэр төрөөбүт-үөскээбит дойдутуттан күүс-уох ылан, холкутуйан, санаалыын чэпчээн, ис куттуун бөҕөргөөн, этэҥҥэ эрэ буоларыгар үтүө тылларын эттилэр.
Елизавета ТИТОВА