С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр Олоҥхо декадатын күннэрэ ыытылла тураллар.
Ол чэрчитинэн сэтинньи 22 күнүгэр «Оҕо уонна олоҥхо» бырайыак чэрчитинэн «Сыахай куукуланан олоҥхону дьүһүйүү» диэн улуустааҕы куукула быыстапка-күрэһэ буолан ааста. Манна Сунтаар, Кириэстээх, Тэҥкэ, Күндэйэ нэһилиэктэриттэн көхтөөхтүк кытыннылар. Барыта уон кыттааччы – куукуланы оҥорооччу, ааптарыскай үлэтэ көрдөрүүгэ туран сыаналанна. Тэрээһин ырыанан-тойугунан, сэһэннээх олоҥхонон үөрүүлээхтик аһылынна. Ол курдук, Сунтаардааҕы 3-с нүөмэрдээх орто оскуолаттан «Айылгы» фольклор куруһуогун оҕолоро доллоһута туойдулар. Наталия Эконова, Александра Яковлева, Айсен Фёдоров омуннаах олоҥхону оройуттан туттулар, Дэвид Васильев дорҕоонноох тойуга дуорайда. Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин исписэлиистэрэ «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон куукуланан испэктээк туруоран, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.
Дьүүллүүр сүбэ тэрээһини түмүктээн үрдэллэри бэлиэтээтэ, анал ааттары анаата.
1 Үрдэл – Наталия Иванова (Сунтаар) «Удаҕан» үлэтинэн, наҕараадата 6000 солк.
2 Үрдэл – Любовь Егорова (Сунтаар) «Кырыымпаһыт уонна олоҥхоһут оҕо» үлэтинэн (5000 солк);
3 Үрдэл – Күннэй Петрова (Сунтаар) «Олоҥхоһут оҕонньор» үлэтинэн (4000солк).
Маны таһынан ааттаммыт үс анал аакка 1500 солк. суумалаах туоһу суруктар туттарылыннылар: Сунтаартан оҕо бибилэтиэкэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Светлана Ивановаҕа, Кириэстээхтэн » Саргы түһүлгэ» култуура киинин үлэһиттэригэр уонна Күндэйэттэн Августина Евсееваҕа.
С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинэ Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторугар бу ый 29 күнүгэр Олоҥхо күнүн түмүктүүр өрөгөй тэрээһин бэлиэтэнэрин биллэрэр.
Туяра Алексеева,
УНАК фольклорга исписэлииҺэ.