Кутанаҕа — Үлэ Дьоруойун аатынан искибиэр

Бүгүн Кутана нэһилиэгэр социалистическай Үлэ Дьоруойа, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Гаврильевич Андреев аатынан искибиэр аһылынна.

Искибиэр аһыллыытыгар Кутана нэһилиэгин олохтоохторо, аймахтара, оҕолоро кыттыыны ыллылар.

Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылынан Сунтаар улууһун дьаһалтата 2 мөл. 900 солк. үп көрөн бу искибиэр тутулунна. «Сервис проф» тэрилтэ кылгас кэм иһигэр тутан киллэрдэ.

Санатан этэр буоллахха, Дмитрий Гаврильевич Андреев 1963 с. субай сүөһүнү көрөргө Тумул пиэрмэтин төрүттээн үлэлэппитэ. Субай сүөһүгэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин социалистическай Үлэ Дьоруойун аатын ылбыта.

Кини аатынан Кутана орто оскуолатын бүтэрэр оҕолорго грант туттараллара үтүө үгэскэ кубулуйда.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше