Бэҕэһээ, улуус киинигэр Сунтаарга кэрэ айылҕалаах, үтүө-мааны майгылаах үлэһит дьонноох Куокуну нэһилиэгэ тэриллибитэ 90 сыла буолбутун уруйдаан, нэһилиэк талааннаахтара «Куокунум мин дойдум» диэн эҕэрдэ кэнсиэр көрдөрдүлэр.
С. А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан кииҥҥэ киирэр ааныттан үөрбүт-көппүт сирэйдээх дьон-сэргэ бөҕөтө тоҕуоруспут.
Фойеҕа быыстапка арааһа тэриллибит. Ол курдук, иис-уус эгэлгэтэ, урукку кэмнэри сэгэтэр хаартыскалар, фотозоналар, олохтоох бородууксуйа атыыта бааллара кэлбит дьону умсугутта, ахтылҕаны аһарда .
Онтон кэнсиэр саҕаланан, саалаҕа толору мустубут көрөөччүлэргэ кымыстаах алаадьынан айах туттулар. 1,5 чаас устатыгар ырыа-тойук, үҥкүү-битии арааһын иһиттибит-көрдүбүт. Үс үҥкүү, икки ырыа ансаамбыла бааллара Куокуну туруу үлэһит дьоно талааннаахтарын, дьоҕурдаахтарын итэҕэттэ.
Өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбит дьоҥҥо үрдүк наҕараадалары оройуон Сэбиэтин дьокутаата Анисимов В.Ф., улуус култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччыта Омукова С. Д., нэһилиэк баһылыга Михалев Л. П. туттартаатылар. Ол курдук, нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо ааты Генерова А. С., Степанов Е. К., Николаева С. В. ыллылар.
Бүтэһигэр мустубут ыалдьыттарга минньигэс, дэлэгэй астаах фуршет тэрилиннэ.
Үбүлүөйдээх тэрээһин үрдүк таһымнаахтык барбытын мустубут дьон бары бэлиэтээн, тэрийээччилэргэ барыларыгар махтал тылларын этэн тарҕастылар.
Дойдубут дьонун өйүүр санааттан, Сунтаарга олорор оскуоланы 1991 сылга бүтэрбиттэр «Илгэ» эбээлэр кулууптарыгар «Артемка» маҕаһыын 5 тыһ. сертификатын туттардыбыт.
Мария Иванова