Алтынньы 26 күнүгэр С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр култуура эйгэтин үлэһиттэригэр уочараттаах сүбэ-мунньаҕа ыытылынна. Мунньахха саҥа дуоһунаска, улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччытынан анаммыт Альберт Иванов кыттыыны ылла. Улуус иннигэр култуура салаатын эйгэтигэр туох былааннар туралларын, С.А. Зверев-Кыыл Уолун 125 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр бэлэмнэнии түгэннэрин, бу ый бүтүүтэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайаачылаах хамыыһыйа кэлэн, тыа хаһаайыстыбатын, улууска тутуу боппуруостарыгар, Кириэстээх нэһилиэгэр “Культура” национальнай бырайыак чэрчитинэн саҥа тутулла турар култуура киинин тутуутун көрө-билэ, киэҥ сэһэни тэнитэ кэлэн иһэрин билиһиннэрдэ.
Сүбэ-мунньах чэрчитинэн, Сунтаар улууһун култууратын уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччыта Саргылана Омукова улуус култууратын эйгэтин тэрилтэлэрин ааспыттааҕы үлэлэрин уонна инники кэскиллээх былааннарын сиһилии иһитиннэрдэ. Дьокуускай куоракка буолан ааспыт култуура салаатын салайааччыларын уонна методистарын холбоһуктаах мунньахтарыгар — култуура министиэристибэтин миниистирин солбуйааччы Мария Турантаева тыа култууратын тэрилтэлэрин иннигэр турар ирдэнэр былааннары, соруктары туруорбутун билиһиннэрдэ.
Ол курдук, билигин култуура уонна ускуустуба тэрилтэлэрин иһинэн ыытыллар үлэ хаачыстыбатыгар күүскэ болҕомто ууруллуохтааҕын, улуустары кэрийдэххэ сорох сирдэргэ үлэ мөлтөҕүн тоһоҕолоон, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бибилэтиэкэ, түмэл тэрилтэлэрэ үчүгэй көрдөрүүлээхтэрин, ол эрэн, уоппускаҕа барыы графиктарын сөпкө аттаран, бибилэтиэкэ, түмэл тэрилтэлэрэ сайыҥҥы бириэмэҕэ тохтообокко үлэлиир усулуобуйаларын оҥостуохтаахтарын, саҥа култуура дьиэлэрэ тутуллалларыгар гостиничнай нүөмэрдэр баар буолуохтаахтарын, судаарыстыбаннай тыйаатырдар улуустарынан гостуруолга барыыларыгар дьон-сэргэ толору саалга кэлиитигэр үлэ барыахтааҕын, Пушкинскай каарта туһунан нэһилиэнньэҕэ сырдатыы үлэтэ ситэтэ суоҕун, аныгы ирдэбилинэн цифровизация хайысхатыгар сайдыы балысханнык киириэхтээҕин о.д.а. кэккэ кыһалҕалаах да, кэскиллээх да боппуруостарга этиилэрин иһиттибит.
2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ – 30 киинэ саалата (ол иһигэр Сиэйэҕэ, Элгээйигэ) киирбитин, быйыл 2024 сылга – 40 (ол иһигэр Кутанаҕа, Бордоҥҥо, Тойбохойго, Сибиэрэп киинигэр) киирээри туралларын, оттон 2025 сылга – 80 киинэ саалалара киириитэ улуустарынан быһаарыллан турарын иһиттибит. Онон, нэһилиэнньэҕэ киинэ көрдөрүллэр усулуобуйата күүскэ тэриллэн эрэрэ үөрдэр. Ырытыы түмүгүнэн, ордук сахалыы киинэлэргэ сайаапка улуустартан киирэр эбит. Манна киирбит үп 50 % быраабы бас билээччи, 50 % дуогабар быһыытынан – “Экстра Синема” хампаанньа уонна киинэ көрдөрүллэр кулууптарыгар тыырыллыахтаах эбит.
Сүбэ-мунньах төгүрүк остуолугар култуура миниистирэ Афанасий Ноев кыттыыны ылбыт, элбэх кэпсэтиилэр тахсыбыттар. Тыа сирин үтүө уопуттаах култуура тэрилтэлэрин холобурдаан, салгыы ураты сонун саҥа бырайыактар олоххо киирэллэрин туруорсубут. Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо тыйатыраалынай сыла биллэриллибитинэн, оҕону хабар кэллэктииптэр элбээн испэктээктэр туруоруллууларыгар ирдэбил турарын этиммит. Национальнай бырайыак биир сүрүн ирдэбилинэн «Посещаемость» диэн буолар, бу көрдөбүлгэ Саха сирин култуурата 2022 сыл түмүгүнэн бастакы миэстэҕэ сылдьыбытын, 2023 сыл түмүгүнэн – 6-с миэстэ буолбутун, бу 2024 сыл түмүгүнэн барыта 26 мөл. дьону эрэ хаптахпытына инники күөҥҥэ тахсыахтаахпытын, бу хаалбыт үс ыйга хамсаныы күүскэ барыахтааҕын иһитиннэрбит. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «госпаблики» хайысхаҕа 80 % хабыллан олорорбутун, инникитин РФ култууратын министиэристибэтэ «госпаблики» нөҥүө туох үлэ барарын, көрдөрүүлэр толоруллууларын көрө олоруохтарын эппит.
Национальнай бырайыак хайысхалара уларыйаары туралларын: дьиэ-кэргэн, ыччат, дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитиллиигэ курдук хайысхаларынан солбуллуу барыаҕын, ол эрээри, өрөмүөн, тутуу хайысхалара тохтуо суохтара диэн иһитиннэрии оҥорбут. Онон, инникитин дойдуга уопсастыбаннай, политическэй уларыйыылар, култуура тэрилтэлэрин уруккулуу курдук холботолооһун буолаары турара сабаҕаланар.
Афанасий Иванович, Дьокуускай куоракка бу күннэргэ, балаҕан ыйын 12-15 күннэригэр «Вместе мы—Россия!» Бүтүн Арассыыйатааҕы айар кут, үтүө үгэс бэстибээлэ киэҥ далааһыннаахтык ыытылла турарын сырдаппыт. Бу бэстибээли РФ култууратын министиэристибэтэ, В.Д.Поленов аатынан Арассыыйатааҕы норуот айымньытын судаарыстыбаннай дьиэтэ, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтэ тэрийбиттэр. Манна Татарстан, Хакасия, Тыва өрөспүүбүлүкэлэрэ, Красноярскай, Забайкальскай кыраай уонна Сахалин, Магадан, Кемеровскай, Новосибирскай, Иркутскай, Томскай уобаластара кыттыыны ыла кэлбиттэр. Ону тэҥэ тэрээһиҥҥэ В.Д.Поленов аатынан Арассыыйатааҕы норуот айымньытын судаарыстыбаннай дьиэтин дириэктэрэ Т.В.Пуртова уонна РФ араас субъектарыттан норуот айымньытын дьиэлэрин дириэктэрдэрэ кэлэн ыалдьыттаан, бэйэлэрин уопуттарын атастаспыттар. Бэстибээлгэ араас кэнсиэртэр, кэрэни кэрэхсиир көрсүһүүлэр, быыстапкалар, маастар-кылаастар, төгүрүк остуол дойду 11 эрэгийиэниттэн кэлбит ыалдьыттары, маастардары уонна экспертары түмэ тардан, улахан киэҥ далааһыннаах тэрээһин барбытын бэлиэтээбит.
Мунньах практическай чааһыгар көмө-иһитиннэриилэр, ирдэбиллэр турдулар. Ол курдук, проектнай-финансовай салаа сэбиэдиссэйэ Саргылана Конобулова ханнык бырайыактарга, субсидияларга кыттыыны ылыахха сөбүн, сүрүннүүр салаа координационнай салаа сэбиэдиссэйэ Анна Трифонова буолаары турар сүрүн тэрээһиннэри, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэри, информационнай-методическэй салаа сэбиэдиссэйэ Галина Самойлова буолаары турар аттестацияҕа ирдэнэр сыанабыллары, докумуоннары, Уус-Алдаҥҥа буолаары турар «Хон – 2024” методическай пуорум туһунан, кимнээх кыттыыны ылалларын иһитиннэрдилэр. Кулууптар «госпаблики» хайысхатыгар үлэлэрин чэпчэтиигэ сөптөөх практическай сүбэни Сибиэрэп киинин методиһа Геннадий Иванов оҥордо.
Сүбэ-мунньах түмүгүнэн, Сунтаар култууратын тэрилтэтин салайааччылара – «Партизан” норуот айымньытын театральнай киинин дириэктэрэ Юрий Очосов, улуус кииннэммит бибилэтиэкэтин дириэктэрэ Изабелла Жиркова — хаачыстыбалаах үлэ ыытыллыытыгар аҥардастыы ирдэбил эрэ турбакка, үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээҕин, саҥа аныгы каадырдарынан хааччыллыы барыахтааҕын, национальнай бырайыак индикатордара олус үрдүктэрин, көрдөрүүлэри, үп киириитин сырсыытыгар эрэ болҕомто ууруллан, үлэ ис хоһооно, хаачыстыбата мөлтүүрүн бэлиэтээтилэр. Итиннэ олохтоохтук ырытыы, көрдөрүүлэри хаттаан көрүү методиката сиһилии ырытыллан оҥоһуллуохтааҕын, тыа сирин култууратын үлэһиттэрин кытта кэпсэтии, сүбэлэһии барыахтааҕын туруорустулар. Кулууп дьиэлэригэр «профстандарт» киирэрэ буоллар, эппиэтинэс, эбээһинэс сааһыланан, култуура дьиэтэ көмүскэллээх буолуохтааҕа этилиннэ. Алексей Степанов өрөспүүбүлүкэтээҕи С.А.Зверев-Кыыл Уолун үбүлүөйдээх ыһыаҕын тэрээһинигэр сөптөөх күүстээх аапаратура көрүллүөхтээҕин, үҥкүү кэллэктииптэрин таҥастара эргэрбитин, үп өттүнэн өйөбүл барыахтааҕын тоһоҕолоото.
Ити курдук, 80-ча киһи кыттыылаах сүбэ-мунньах таһаарыылаахтык буолан ааста.
Галина САМОЙЛОВА,
информационнай-методическэй салаа сэбиэдиссэйэ,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.