“Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олоҥхотун туруоруохтара

Билиҥҥи кэмҥэ олоҥхо толоруллуута киэҥ кэрэхсэбили ылар, үүнэр ыччаты кэрэҕэ, үтүөҕэ иитэр суолтата улахан.
2024 сылга Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас, Саха сирин култууратын тэрилтэлэригэр оҕо театральнай ускуустубатын сыла биллэриллэн С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин В. Николаев аатынан норуодунай тыйаатыра С.А. Зверев-Кыыл Уола “Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олоҥхо – испэктээкили оҕолорго туруорар.

Балаҕан ыйыгар Сунтаар нэһилиэгин оскуолаларын туойар-ыллыыр талааннаах үөрэнээччилэригэр кастинг ыытыллыбыта. 20-тэн тахса оҕо кыттыбытыттан, сүрүн оруолларга Сунтаардааҕы 3-с нүөмэрдээх оскуола  уонна политехническай лиссиэй  үөрэнээччилэрэ талыллан оонньуохтара. Үҥкүүлэри 3-с нүөмэрдээх оскуола “Пульс” үҥкүү бөлөҕө , “Түһүлгэ” норуодунан кэлэктиип үҥкүүһүттэрэ толоруохтара. Сүрүн оруоллар тойуктарын 3-с нүөмэрдээх оскуола уонна С. А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК “Эйгэ”  фольклорнай бөлөҕүн оҕолоро күн ахсын көтүппэккэ бэлэмнэнэ сылдьаллар. Кинилэр кыра кылаастан тойукка, хомуска утумнаахтык дьарыктаммыт буолан үөрэ-көтө кэлэллэр.

С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК  өрөспүүблүкэтээҕи Олоҥхо дьиэлэрин ситимигэр киирэн бу бырайыак үбүлэнэн олоххо киирээри турар. Испиктээкил режиссера Татьяна Заровняева буоламмыт үөрэнээччилэр бэлэмнэнэллэрин иилээн-саҕалаан салайан ыыта сылдьабыт. Оҕолор туттар-хаптар пластикаларын «Гулун» норуодунай үҥкүү ансаамбылын хореограба Ева Шамаева-Шакор дьарыктыыр,
сүрүн оруоллар таҥастарын-саптарын Дьокуускай куоракка эдэр худуоһунньук дизайнер, биир дойдулаахпыт Наталья Иванова эскиһин оҥорон тиктэрэ сылдьар.
Онон кыра артыыстар көрөөччүлэр иннилэригэр тахсалларын долгуйа күүтэллэр. Сэтинньи 22 күнүгэр Сунтаар – олоҥхо дойдутун дьонун-сэргэтин күүтэбит.
Тыйаатыр — сахалыы толкуйга, сиэргэ-майгыга, олох үөрэйэҕэр иитиигэ сүдү улахан суолталаах.

Екатерина ГРИГОРЬЕВА, В.Николаев аатынан тыйаатыр сэбиэдиссэйэ

Читайте дальше