Сахабыт сирин өҥүрүк куйааһын тулуйбат дьон үгүс. Кыраадыс +30-тан таҕыста даҕаны эппит-сииммит куйааһы кытта охсуһарыгар көмөлөһөргө сүбэлииллэр.
Саамай туһалаах – элбэх ууну иһии. Куйааска кыра-кыра омурдуунан күҥҥэ 2-2,5 лиитирэ ууну иһэргэ сүбэлииллэр. Бэйэни кытта уулаах бытыылканы илдьэ сылдьар табыгастаах. Манна биири учуоттуур наада. Тымныы уу киһини төттөрүтүн тиритиннэрэр, оттон минньигэс утах тамаҕы хатарар дьайыылаахтар.
Кыаллар буоллаҕына, күҥҥэ хаста даҕаны дьиэ сылааһыныы температуралаах уунан душтанар ордук. Оттон киэһэ-сарсыарда сылаас-тымныы уунан хардары-таары солбуйа сайҕаныы күн устата сэниэлээх сылдьарга көмөлөһөр. Күнүскү өттүгэр моойу, сирэйи, тоҕонох, тобук ис өттүлэрин, бэгэччэктэри сииктээх салфетканан сотто сылдьыы эмиэ куйаас кэмҥэ абырыа.
Куйааска чэпчэки калорийа суох аһынан үссэнэр ордук. Холобур, сарсыарда халбаһылаах килиэп оннугар хааһыны, иэдьэгэйи, оҕуруот аһыттан салааты сиэххэ сөп. Эбиэккэ сыалаах-арыылаах ынах, убаһа эттээх аһылык оннугар сүбүөкүлэттэн, оҕуруот аһыттан, куурусса этиттэн миини испит ордук. Кыалларынан ыһаарыламмыт аһылыгы тохтотобут. Ол оннугар рациоммутугар оҕуруот аһын, фруктаны, үрүҥ аһы хотоойутук киллэрэбит.
Улахан кыһалҕа тирээбэт түгэнигэр күнүс 12.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри таһырдьа тахсартан туттунар ордук. Кыаллар буоллаҕына, эбиэттээн баран кыратык утуйан ылыахха сөп. Күнтэн харыстыыр кириэмэ, салгын ачыкыта суох таһырдьа тахсартан аккаастаныҥ. Куйаас күннэргэ таһырдьа сылдьарга саамай табыгастаах кэмнэр – сарсыарда 11.00 чаас иннинэ уонна киэһэ 18.00 чаас кэнниттэн.
Интэриниэт ситимиттэн