Сэтинньи 8 күнүн туругунан, Сунтаар улууһугар уопсайа 28 киһи коронавируһунан ыалдьыбыта бэлиэтэнэр. Инфекционнай отделение салаатыгар 6 улахан киһи сытан эмтэнэр, оҕо суох. Дьиэҕэ олорон эмтэниини барааччы ахсаана 22, олортон 5 оҕо.
Дьаҥ (тумуу, ковид) өрө турар кэмигэр сэрэнэр, харыстанар наада. Инфекция тарҕамматын наадатыгар эмчиттэр маннык сүбэлэри санатабыт:
— дьон тоҕуоруһар сиригэр сылдьар бириэмэҕитин аҕыйатыҥ;
— биирдэ туттуллар медицинскэй маасканы кэтэ сылдьыҥ;
— дистанцияны тутуһуҥ;
— ытырдаргытыгар уонна сөтөллөргүтүгэр биирдэ туттуллар салпыатканы туттуҥ;
— ыалдьыбыт оҕолоргутун уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, култуурунай-маассабай тэрээһиннэргэ ыытымаҥ;
— бэйэҕит билэргитинэн эмтээбэккэ, бырааска көрдөрүнүҥ.
— быраас анаабыт эмтэрин эрэ иһэрдиҥ, төһө кыалларынан ууну элбэхтик иһэрдэ сатааҥ;
— илиигитин мыылалаах уонна инфекцияны утарсар сириэстибэнэн суунуҥ, уулуссаттан, уопсастыбаннай тырааныспартан кэллэххитинэ, мурун көҥдөйүн ыраастанаргытын үгэскэ кубулутуҥ.
Чэгиэн-чэбдик буолуҥ!
Ксенья ИВАНОВА, Сунтаардааҕы ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр кэбиниэт сиэстэрэтэ