Кировскайга — Дьоруойдар стендэлэрэ

Кировскай куораты сөргүтүү үлэтэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна ДНР кытта сөбүлэҥ түһэрсии чэрчитинэн былырыын ыам ыйыттан саҕаламмыта. Бу кэм устата куорат элбэх эбийиэгэ чөлүгэр түстэ.

Ол иһигэр үйэтитии, сырдатыы үлэлэрэ тиһигин быспакка ыытыллаллар. Холобур, Кировскай куорат үс оскуолатыгар Арассыыйа Дьоруойдарын стендэтэ турда. Бу манна анал байыаннай дьайыыга хорсун быһыыларын көрдөрбүт 15 байыас  биографията суруллубут мэтириэтэ ыйанна. Ол иһигэр Саха сириттэн Арассыыйа 4 дьоруойа баар. Бу түөрт дьоруойтан иккитэ биһиги биир дойдулаахтарбыт — сунтаардар буолаллар. Ол курдук, «Алеша» легендарнай тааҥка экипааһын чилиэнэ, бу күһүн Арассыыйа Дьоруойа буолбут Филипп Евсеев уонна «Сунтар» диэн позывнойдаах, дойдутугар бэриниилээх, анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сырдык тыына быстыбыт Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров мэтириэттэрэ биографиялара, хорсун быһыылара суруллан үйэтитиллэн,  бу куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрин, учууталларын, олохтоохторун көрүүлэригэр тураллар.

«Сунтаар сонуннара»  хаһыат

 

 

Читайте дальше