Кириэстээхтэр уу ситимин киллэрэр бырайыагы таллылар

Кириэстээх нэһилиэгин телеграм канала суруйарынан, балаҕан ыйын 18 күнүгэр култуура киинигэр нэһилиэк дьаһалтата тэрийиитинэн кэлэр 2025 сылга “Олохтоох көҕүлээһини өйүүр» бырагыраамаҕа (ППМИ-2025) киирэр бырайыактары талар нэһилиэк уопсай мунньаҕа буолла.
Мунньаҕы нэһилиэк баһылыгын солбуйаачы Алексей Корякин иилээн-саҕалаан ыытта. Мустубут дьоҥҥо бырагыраама туһунан сиһилии кэпсээтэ, олорор нэһилиэкпит тупсарын туһугар туора турбакка, бары көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥырда.
Үс бырайыак көрүллүбүтүттэн олохтоохтор уу ситимин 4-с этаабын киллэрэр туһунан боппуруоһу 100% өйөөтүлэр.
Бырайыакка көрүллэр харчы уопсай сууматыттан бырыһыанын олохтоохтор бэйэлэрэ хардары үбүлүөхтээхтэр, ыаллартан харчы хомуйуу боппуруоһа быһаарылынна. Ону таһынан, мустубут дьон үс киһиттэн турар көҕүлүүр бөлөҕү талла, салгыы ситиһиилээх, үтүө түмүктээх үлэни баҕарда.

хаартыскалар Кириэстээх нэһилиэгин телеграм канаалыттан ылылынна

Читайте дальше