Киин бибилэтиэкэ сыл бастыҥнарын бэлиэтээтэ

Бүгүн, тохсунньу 31 күнүгэр, Л.А. Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ 2023 сыллааҕы үлэтин түмүктүүр дьоро тэрээһинэ буолла.
Тэрээһин киин бибилэтиэкэ салайааччыта Изабелла Жиркова сыл устата туох-ханнык үлэ барбытын билиһиннэрэр аан тылыттан саҕаланна: «Ааспыт 2023 с. улууска Төрөөбүт төрүт тыл сылыгар, бибилэтиэкэ ситимин иһинэн «Сахам сайдам тылынан сахалыы ааҕыы сыла» биллэриллэн, бу хайысхаҕа үгүс үлэ барда». Ол курдук сыл устата «Ааҕар Сунтаар» диэн киэҥ хоннохтоох бырайыагынан элбэх тэрээһин ыытыллыбыт. «Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону ааҕабыт» 2022 с. бырайыак былырыын сэтинньи ыйга салгыы ыытыллара биллэриллэн, олохтоох ааптар И.И. Макарова-Толоон Туорааҕа «Таас Буурай бухатыыр» олоҥхотун ааҕан саҕалаабыттар. Былырыыҥҥыттан бибилэтиэкэ эйгэтигэр өр сылларга үлэлээбит Розалия Степанова аатынан бириэмийэ олохтоммут. Бу бириэмийэни Розалия Николаевна оҕолоро, сиэннэрэ сылын аайы бастыҥ үлэлээх бибилэтиэкэргэ туттарар буолуохтара.
Киин бибилэтиэкэ улуустааҕы култуура, үөрэх салалтатын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээн үгүс үлэни ыыппыт, үтүө түмүктэри ситиспит. Олохтоох айар түмсүүлэри өйүүр сыалтан ыыппыт элбэх күөн күрэһин түмүгүнэн үгүс кинигэ бэчээттэнэн тахсан сүрэхтэммит.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Сунтаар улууһун баһылыгын социальнай уонна имидж бэлиитикэтигэр солбуйааччы Гаврил Еремеев бары бибилэтиэкэ ситимин үлэһиттэрин улуус дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэлээн тыл эттэ, айымньылаах үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарда.
Сылы түмүктүүр дьоро тэрээһин күүтүүлээх, үөрүүлээх түгэнинэн улуустааҕы бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр анал ааттары туттарыы буолла. 2023 сыллааҕы үлэ түмүгүнэн бэриллэр анал ааттары бибилэтиэкэ салайааччыта Изабелла Жиркова, улуус баһылыгын солбуйааччы Гаврил Еремеев, улуустааҕы култуура уонна айылгы киинин салайааччы Саргылана Омукова, архыып сэбиэдиссэйэ Аркадий Яковлев, С.А.Зверев-Кыыл Уола түмэлиттэн Эмма Васильева, Ыччат управлениетын салайааччыта Трофим Иванов, о.д.а. эҕэрдэ тылларын этэн туран туттардылар.
Ол курдук, анал ааттары ыллылар:
«Сыл бастыҥ ааҕааччыта-2023» ааты оҕолорго Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ Валерия Гаврильева.
Ыччакка — Сунтаардааҕы гимназия 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Нарыйаана Никифорова, улахан дьоҥҥо — Галина Стручкова.
«Сыл бастыҥ бибилэтиэкэтэ» — Мария Никифорова салайааччылаах Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ.
«Бастыҥ үлэлээх бибилэтиэкэр» — Мария Иванова, киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатын сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ.
«Кыраайы үөрэтиигэ бастыҥ үлэлээх бибилэтиэкэ» — Татьяна Местникова салайааччылаах Кэмпэндээйитээҕи модельнай бибилэтиэкэ.
«Фонда үлэтигэр бастыҥ бибилэтиэкэ» — Евдокия Гуляева сал. Бүлүүчээннээҕи бибилэтиэкэ.
«Бастыҥ ыччаты кытта үлэлиир бибилэтиэкэ» — Дьаарханнааҕы бибилэтиэкэ, кылаабынай бибилэтиэкэр Анна Николаева.
«Бастыҥ оҕону кытта үлэлиир бибилэтиэкэ» — Василиса Андреева сал. Устье бибилэтиэкэтэ.
«Бастыҥ сайт» — Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйитээҕи модельнай бибилэтиэкэ, сал. Татьяна Семенова.
«Сыл бастыҥ библиограба» — Наталья Иванова, Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ сүрүннүүр библиограба.
«Сыл бастыҥ сүбэһитэ» — Саргылана Спиридонова, методическай салаа сэбиэдиссэйэ уонна Валентина Степанова, кинигэни харайыы салаатын бибилэтиэкэрэ.

Бу курдук Л.А. Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ сыллааҕы үлэтин түмүктүүр дьоро тэрээһинэ бэрт истиҥ тыыҥҥа үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Үөрүүлээх тэрээһин түһүмэх чаастарын оҕолор хомоҕой хоһооннорунан киэргэттилэр, кырачааннар бөлөхтөрө өйтөн ааҕыылара мустубут дьон санаатын манньытта. Бибилэтиэкэ кэлэктиибэ бу үүммүт сылы Оҕо ааҕыытын сылынан биллэрдэ.
Өрүү айымньылаах үлэ үөһүгэр сылдьар, төрүт тылы өрө тутар, ааҕарга көҕүлүүр соруктаах үгүс тэрээһини иилиир-саҕалыыр, ыытар бибилэтиэкэ кэлэктиибигэр үүммүт сыл үгүс ситиһиини тосхойдун.

Марфа ИВАНОВА

Читайте дальше