Киэн туттар биир идэлээхпит – Василий Федоров

Сэтинньи 10 күнүгэр дойдубутугар Полиция күнэ бэлиэтэнэр. Онно тоҕооһуннаран, полицияҕа өр сыл үлэлээбит, аҕа убайбыт, бэйэтин идэтин толору баһылаабыт Василий Федоров туһунан кэпсииргэ сананным.

Олоҕун сүрүн кэрчиктэрэ

1993 сылга кини Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун “промышленное гражданское строительство” диэн идэлээх бүтэрэр. 2002 сылга кэтэхтэн ИДьМ Уһук Илиҥҥи юридическай институтун Дьокуускайдааҕы филиалын “Юриспруденция” салаатыгар юрист идэтин баһылыыр.

1993 сылтан милицияҕа тыыл начальнигын көмөлөһөөччүтүнэн, участковайынан, ПДН инспекторынан үлэлиир. Онтон 1999 сыллаахха силиэстийэ салаатыгар үлэлии көһөр. Бастаан силиэдэбэтэлинэн, онтон старшай силиэдэбэтэлинэн, Хаҥалас улууһун ис дьыалаҕа отделын силиэстийэлиир отделын начальнигын солбуйааччынан үлэлээбитэ.

2008 сылтан 2021 с., биэнсийэҕэ тахсыар диэри Сунтаардааҕы ИДьО старшай силиэдэбэтэлинэн үлэлээбитэ. Кини “Бастыҥ силиэдэбэтэл” бэлиэ, “За отличие в службе” I, II, III истиэпэннээх мэтээл хаһаайына, СӨ ИДьМ миниистирин, РФ силиэстийэлиир салалтатын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта, СӨ ИДьМ бочуотун дуоскатыгар киирбит киэн туттар биир идэлээхпит.

Кэргэннээх, түөрт оҕолоох. Иллэҥ кэмигэр дьиэ таһыгар үлэлиирин, ордук оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанарын сөбүлүүр. Эр киһи сиэринэн айылҕаны кытта алтыһарын, балыктыырын уонна бултуурун туохтааҕар да ордорор.

– Василий Васильевич, эйигин кытта бииргэ үлэлии сылдьыбыт биир идэлээхтэриҥ эн тускунан үтүө эрэ тылынан ахталлар – Сунтаардааҕы силиэстийэ отдела, полиция. Билигин эн биэнсийэҕэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа олороҕун. Маннык быһаарыныыҥ төһө ыарахан этэй? 

– Үлэ үөһүгэр сылдьан, биэнсийэҕэ тахсар туһунан быһаарынар ыарахан этэ. Мин ис дьыала уорганыгар 28 сыл үлэлээтим. Полицияны, ол саҕана милицияны кытта олохпун ситимнээбит күммүн күн бэҕэһээ курдук саныыбын. Олохпор улахан суолталаах быһаарыныыны өр толкуйдаан баран ылыммытым. Сүрүнэ онно миигин дьиэ кэргэним өйөөбүтэ. Үлэлии сылдьан үгүс биир идэлээхтэрбин биэнсийэҕэ атаарбытым. Онно бэйэбин кинилэр оннуларыгар туруорунан көрөр этим. Биэнсийэҕэ барарбар саамай ыарахана диэн өр үлэлээбит кэлэктииппиттэн тэйиим буолбута. Полиция үлэтэ диэн эмиэ бэйэтэ туспалаах. Ол курдук, дьон туохтан да куттаммакка таһырдьа холкутук сылдьарын туһугар биир сомоҕо күүс, биир сутурук курдук үлэлиирбин суохтуубун. Ол эрэн, атын олох баарын эмиэ биллим.

Мин үрдүк үөрэҕи бүтэрээт отой эдэр сааспар ис дьыала уорганыгар үлэлии кэлбитим. Кистэл буолбатах, дьон бэйэтин үөрүүтүн биһигини кытта үллэстибэт. Арай кыһалҕаҕа ыктардаҕына биһигиттэн көмүскэл, харысхал көрдүү кэлэр. Ол эрэн, биһиги үлэбит махталлаах.

– Үлэбин түмүктээтим диэн баран биир идэлээхтэргин кытта сибээскин быспат инигин?

– Суох буоллаҕа. Мин билиим, сатабылым наада буоллаҕына, хаһан баҕарар көмөлөһөргө бэлэммин.

– Тоҕо чопчу бу дьону араҥаччылыыр, харыстыыр идэни талбыккыный?

– Мин оҕо сааспыттан үтүө хаһан баҕарар мөкүнү кыайар диэн санаалаах улааппытым. Полиция идэтэ бу этиини кытта ыкса ситимнээх. Билигин даҕаны ол санаабын уларыта иликпин. Ол иһин олоҕум чаҕылхай түгэннэрэ полицияны кытта сибээстээҕиттэн киэн туттабын! Үлэм үксэ силиэстийэ салаатыгар ааспыта. Силиэдэбэтэл идэтэ мин олоҕум булгуруйбат оҥкулун кытта быһаччы ситимнээх. Ол иһин силиэдэбэтэл идэтин таллаҕым.

– Олоҕуҥ 28 сылын ис дьыала уорганыгар анаабыт киһи буолаҕын. Бу сыллар тухары олох эйигин туохха үөрэттэ?

– Мин урут үлэбин эрэ өрө тутар киһи этим. Ол эрэн, үлэ диэн киһи олоҕор ааһар кэм эбит. Дьиэ кэргэҥҥин, чугас дьоҥҥун сыаналыахтааххын. Бүгүҥҥүнэн, билигин баарынан олоруохтаахпыт. Бу түгэн хаһан да хатыламматын өйдүөх тустаахпыт. Дьиэ кэргэни уонна үлэни тэҥҥэ дьүөрэлээн тутуохтаахпыт. Силиэдэбэтэл диэн айымньылаах сыһыаны эрэйэр идэ. Идэҕэ бэриниилээх, атын дьон кыһалҕатын бэйэҕинэн аһардар, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, булгуруйбат санаалаах, туохтан да толлон турбат, дьон уйулҕатын билэр киһи эрэ силиэдэбэтэл буолар. Талбыт идэҕин сөбүлүөхтээххин, дьиэ кэргэниҥ кытаанах тыыл буоллаҕына эрэ үлэттэн дуоһуйууну ылаҕын. Силиэстийэлиир отделениеҕа үлэлиир кэммэр бииргэ үлэлээбит аҕа табаарыстарбар махталым улахан. Өр сылларга силиэстийэлиир отдел начаалынньыгынан үлэлээбит Олег Поповка, старшай силиэдэбэтэл Александр Архиповка, о.д.а. Ол курдук, кинилэр мин силиэдэбэтэл быһыытынан үүнэн-сайдан тахсарбар көмөлөрө улахан.

– Мин эйигин билигин даҕаны олох үөһүгэр сылдьар эдэрдии эрчимнээх киһи быһыытынан билинэбин. Билигин тугунан дьарыктанаҕыт?

– Мин төһө да биэнсийэлээх буолларбын, үлэлээбэккэ олорбоппун. Үөрэҕирии салалтатыгар юристыыбын.

– Полиция эдэр үлэһиттэригэр туох сүбэни биэриэҥ этэй?

– Үлэҕитин таптааҥ. Биһиги олохпутун ситимнээбит идэбит дьоҥҥо үтүөнү эрэ оҥорор, көмөлөһөр үлэ буоларын өйдөөҥ. Эдэр дьоҥҥо бу идэ олус интэриэһинэй, дьулууру уонна тулууру эрэйэр. Биллэн турар, полиция үлэтэ чэпчэкитэ суох. Ол эрэн, дьиҥнээх эр киһи үлэтэ. Кэрэ аҥаардар үлэлииллэр эрээри кинилэргэ биһигиннээҕэр икки бүк ыарахан. Ол иһин кэрэ аҥаар бу идэни кытта олоҕун ситимниэн иннинэ күүскэ толкуйданыан наада. Ити – мин тус бэйэм санаам. Оттон эр киһиэхэ күүстээх тыыл баар буоллаҕына бу үлэни кини кыайа-хото тутуо. Эн кимиэхэ эрэ көмөлөстөххүнэ, ким эрэ эйигиттэн көмүскэл-харысхал көрдөөтөҕүнэ, ону биэрдэххинэ, махтал тылын эттэхтэринэ, бу буоллаҕа үлэттэн дуоһуйууну ылыы диэн. Онон эдэр үлэһиттэр, үлэҕитин сыаналааҥ уонна убаастааҥ.

Кэпсэттэ полиция подполковнига Артем АФАНАСЬЕВ,

ИДьМ пресс-сулууспатын эппиэттээх үлэһитэ.

Читайте дальше