Ааспыт нэдиэлэҕэ Владивосток куоракка «Илиҥҥи экономическай пуорум-2024» киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна. Уһук Илиҥҥи федеральнай университет кампуһун былаһааккатыгар Арассыыйа уонна тас дойду хампаанньаларын сүрүн салайааччылара, араас сиртэн судаарыстыба бэрэстэбиитэллэрэ, экэниэмикэ салайааччылара уонна экспертэрэ муһуннулар. Пуорум сүрүн тиэмэтинэн — «Дальний Восток — 2030. Объединим усилия, создавая возможности» буолла. Бу тэрээһини Росконгресс Пуонда тэрийэн ыытта. Манна тыһыынчанан элбэх киһи кыттыыны ыллылар. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кыттыылаах араас элбэх сөбүлэҥ түһэрсиилэрэ буолла.
«Юниор. ВЭФ» былаһаакката араас дойдуттан ураты көрүүлээх, талааннаах оҕолору, бэлиитикэ көҕүлээччилэрин, бөдөҥ корпорация бэрэстэбиитэллэрин уонна сүрүн экспертэри түмэ тардар. Бу хайысхаҕа 20-н тахса тэрээһин буолла. Онно инники кэскиллээх технологиялары, Уһук Илин каадырдарын сайыннарыыга, норуоттар икки ардыларыгар эдэр ыччат бииргэ үлэлээһиннэрин, билиҥҥи кэм үөрэҕин уонна экологическэй бырайыактарын быһаарыстылар.
Маннык улахан хабааннаах пуорумҥа Сунтаарбыт улууһуттан политехническэй лиссиэй-интэринээт 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Давид Зорин экологическэй бырайыагынан, олус үчүгэйдик кыттан кэллэ. Пуорум кыттыылаахтара эдэр, кэскиллээх учуонай уолбутун үрдүк таһымҥа бэлиэтии, сэргии көрдүлэр. Давид бу иннигэр элбэх араас күрэстэргэ ситиһиилээхтик кыттан кыайыылаах үрдүк ааты ылбыта. Бу курдук кини кэскиллэх суолун чинчийэр эйгэҕэ сыһыаран, сүдү улахан киһи буола улаатарыгар баҕарыаҕыҥ.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше