Кыраайы үөрэтэр «Кэскил» музей салайааччыта Ксения Григорьевна Евсеева М.Е. Николаев туһунан бастакы бэрэсидьиэн бибилэтиэкэтигэр анаан 2008 с. суруйбут ахтыытын таһаарабыт.
Саха Республикатын маҥнайгы президенэ М. Е. Николаев туһунан ахтыы
Мин тустаах үлэм таһынан общественнай үлэҕэ кыттан үлэлээбитим 60 сыла чугаһаата. Онон улуус, республика үлэтэ-хамнаһа сайдарыгар кыралаан да кыттар буоламмын, ханнык баҕарар дуоһунаска үлэлиир салайааччылар үлэлэрин истээччибин.
Саха Республикатын маҥнайгы президенэ Михаил Ефимович Николаев былаас уларыйар булкуурдаах, дьалхааннаах кэмигэр 10 сыл талыллан үлэлээн Саха Республикатын бары өттүнэн сайыннарыыга элбэх үлэни ыыппытын Сунтаар улууһун дьоно-сэргэтэ, ол иһигэр биһиги, үрдүктүк сыаналыыбыт. Михаил Ефимович далааһыннаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, олох уонна үлэ дьиҥнээх оскуолатын эрдээхтик туораан партийнай, советскай, эппиэттээх салайар үлэлэргэ элбэх опыттаах, муударай салайааччы буолан, республикаҕа маҥнайгы президенинэн талыллан дьон-норуот олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар ыыппыт үлэтин ааҕан сиппэккин. Онтон аҕыйаҕы ахтар буоллахха: сэрии-үлэ ветераннарыгар льготалар, элбэх оҕолоох, соҕотох ийэлэргэ пособиелар, ийэлэр, аҕалар күннэрин олохтооһун, саҥа үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин тэрийэн, үөрэххэ киирэр оҕолорго улуустарынан кэлэн экзаменнары тутуу, дьон доруобуйатын тупсарарга Медцентр, спортивнай комплекс тутуллан араас дойду дьоно-оҕото кэлэн оонньоон-көрүлээн астынан бараллар, тимир суол кэлиитэ уо.д.а..
Михаил Ефимович ханна сылдьыбыт сиригэр көрсүһүүгэ тыл этэригэр саала иһэ уу чуумпу буолан сахсырҕа көтөрө иһиллэр курдук буолааччы. Ити Михаил Ефимович муударай салайааччы, саха саарына, үтүө үлэһит быһыытын билинэллэрин туоһута.
Биһиэхэ Сунтаар улууһун Кэмпэндээйитигэр республикаҕа уруккуттан биллэр бадараанынан эмтиир лечебница булкуурдаах кэмҥэ үбэ-аһа тиийбэккэ сабыллар кутталламмыта. Онуоха Михаил Ефимович кэлэ сылдьан көрөн, кэпсэтиһэн баран, АЛРОСА АК биэрэргэ дьаһал таһааран бэрт кылгас кэмҥэ бэртээхэй санаторий тутуллубута. Билигин республикаҕа биллэр саамай үчүгэй тутуулардаах, саҥа оборудованиелаах сиэдэрэй санаторий үлэлии турар. Онно 60-ча киһи үрдүк хамнастаах үлэнэн хааччыллыыта дьиэ кэргэн олоҕо тупсарыгар эмиэ сибээстээх. Ол курдук, курорт тупсаҕай тутуулара бөһүөлэк уопсай көстүүтүн тупсараллар.
Онон Михаил Ефимович Саха Республиката бары өттүнэн чэчирии сайдыытыгар — норуот күүһэ-көмүөл күүһэ – диэнинэн салайтаран, элбэх үлэһит дьону иитэлээн, кэскиллээх сайдыы үлэтин укулаатын түһэрбитэ. Инникитин ол суолунан Саха сирэ үүнэ-сайда турар.
Маҥнайгы президеммит Михаил Ефимович сахалартан сэдэх сатабыллаах, муударай салайааччы буоларын норуот барыта билинэрэ саарбаҕа суох. Президеҥҥэ үсүһүн туруоруммута буоллар норуот эрэллээхтик талыа этэ.
Убаастабыллаах Михаил Ефимович, уһунтан уһун үйэлэнэн төрөөбүт дойдута чэчирии сайдарыгар, салайар үлэҕэ баай опытын тарҕата сылдьарыгар баҕарабын.
От ыйа, 2008 сыл, Кэмпэндээйи бөһүөлэгэ, Сунтаар улууһа.
Кыраайы үөрэтэр «Кэскил» музей салайааччыта Ксения Григорьевна Евсеева.
Ахтыыны уонна хаартыскалары бэлэмнээтэ бибилэтиэкэр Татьяна МЕСТНИКОВА.
Хаартыска ааптара Мария ЕВСЕЕВА.