Кэскиллээх кэпсэтиилэр

Сунтаар улууһун инники сайдыытын тула туһааннаах министиэристибэлэринэн сылдьан үгүс кэпсэтиилэр бардылар. Оробуочай сырыы туһунан хаһыаппыт ааҕааччыларыгар улуус­пут аҕа баһылыга Анатолий Григорьев маннык сэһэргээтэ:

Бу күһүн Ил Дархаммыт Айсен Николаев иккис болдьоҕор киирэн, Бырабыыталыстыба саҥа састааба талыллан 40% саҥа дьон кэллэ. Сунтаар улууһун инники сайдыытыгар  туох үлэ-хамнас барыахтааҕын, ханнык саҥа тосхоллору тобулары билсэ, кэпсэтэ Дьокуускай куоракка баран кэллим.

Тыа хаһаайыстыбатын улууһа буоларбыт быһыытынан аан маҥнай бу салаа саҥа миниистирэ Александров Артем Александровиһы кытары көрүстүм. Кини урукку өттүгэр миниистир солбуйааччытынан, департамент салайааччытынан үлэлии сылдьыбыта, онон билсэбит. Билигин миниистир быһыытынан Сунтаар улууһугар хайдах-туох көрүүлээҕин, инники сайдыытын тула кэпсэтии буолла. Бу күһүн Ил Дархан Айсен Николаев Сунтаар улууһугар кэлэ сылдьан тэрийбит мунньаҕын түмүгүнэн министиэристибэлэргэ сорудах биэрбитэ. Ол курдук, Кириэстээххэ Владимир Африканович туруорсубут 400 миэстэлээх, ону сэргэ Тойбохойго саҥа тэриллибит ТХПК 100 миэстэлээх хотонноро уонна Күндэйэҕэ, Тойбохойго бурдук уурар ыскылааты тутуу сорудахха киирэн, инники өттүгэр ханнык бырагыраамаҕа киириэхтээҕин  Артем Александровиһы кытта кэпсэттибит.

Улууспутугар учууталларынан хааччыллыыга кэккэ кыһалҕа баар. Инники өттүгэр манна  үлэлэһиигэ Үөрэҕирии миниистирин эбээһинэһин толорооччу Нюргуна Афанасьевна Соколованы кытта көрсүһүүгэ кэпсэтистибит. Ол курдук  бүгүҥҥү күҥҥэ Сунтаарбыт улууһугар  математика, химия, физика, информатика уонна биология учууталлара тиийбэттэр. Маннык уустук балаһыанньа биһиэхэ эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн турар.  Онон Ил Дархаммыт үрдүк, орто үөрэх кыһаларыгар туспа анал бырагыраама оҥорон үлэлээҥ диэн сорудахтаан турар. Маны сэргэ Айсен Сергеевич сорудаҕынан Кэмпэндээйи оскуола-саадын  тутуутун боппуруоһа туруорулунна. Инники атын даҕаны оҕо уһуйааннарын, оскуолалар тутууларын тула кэпсэттибит. Бу Нюргуна Афанасьевнаны кытта көрсүһүүгэ миигин кытары Сунтаардааҕы технологическай колледж дириэктэрэ Гаврил Михайлов киирэ сылдьыбыта. Колледж базатын сайдыытын боппуруоһун көтөхтүбүт. Манна устудьуоннарбыт практиканы миэстэтигэр баралларыгар, ылбыт билиилэрэ-көрүүлэрэ таһаарыылаах  буоллун диэн мастарыскыай туттара сатаабыппыт ыраатта. Биһиги биир сүрүн кыһалҕабыт – колледж успуорт саалата суох. Онон 2024 сылга федеральнай бырагыраамаҕа киллэрэн саала тутуутун саҕалыахпыт диэн Нюргуна Афанасьевна эттэ.

Экономика миниистирин Петр Иванович Попову кытта көрсүһүүгэ  Кэмпэндээйигэ оскуола-саад тутуутун боппуруоһун о.д.а. эбийиэктэр тутууларын тула кэпсэтии барда. Манна бэлиэтээн этиэххэ наада, биһигини алмаастаах провинция дивиденнээх улууһа диэн инвестиционнай бырайыакка киллэрбэт буола сатыыллар. Ол гынан баран кэнники кэмҥэ икки сылга биһиги дивидент туппатыбыт. Саҥа тутуулар улаханнык барбатылар, ону учуоттуулларыгар диэн этилиннэ. Инвестиционнай бүддьүөккэ ханнык эмэ эбийиэктэрбитин киллэриэххэ наада.

Оттон тутуу саҥа миниистирин Виктор Дмитриевич Романовы кытта биир кыһалҕалаах боппуруоспут – бассейммыт тутуутун туһунан кэпсэттибит. Ааҕааччыларга санатар буоллахха, бассейммыт тутуутун саарбах бэдэрээтчит ылсан күн бүгүҥҥэ диэри бу улахан тутуу хамсаабакка турар. Биһиги маны прокуратураҕа, силиэстийэлиир кэмитиэккэ барыларыгар үҥсүү түһэрбиппит, контракпытыгар биир өрүттээх көтүрүү (расторжение) оҥорбуппут. Манна  бу бэдэрээтчит бэйэтэ сөбүлэспэккэ эмиэ суукка биэрэн олорор. Онон суут быһаарылынна даҕаны, бу эбийиэги тутуон баҕалаах атын бэдэрээтчиттэр бааллар. Суут түмүгүн күүтэбит.

Биһиги улуус биир киэн туттуута – Элгээйитээҕи айылҕа түмэлэ буолар. Бу эбийиэк дьиэтэ эргэрэн  саҥа мусуой тутуллара ирдэнэр. Манна култуура саҥа миниистирэ Афанасий Иванович Ноевы кытта көрсөн Элгээйи мусуойун култуура көрүүтүгэр-истиитигэр биэрэргэ диэн кэпсэтии барда. Билигин бу түмэлбит үөрэх эйгэтигэр киирэ сылдьар, үөрэҕириигэ ханнык даҕаны бырагыраамаҕа мусуой тутуута диэн суох этэ. Ол иһин бу түмэлбит мусуой тутуулара бырагыраамалардаах култуура эйгэтигэр бэриллиэн наада, бу туһунан Ил Дархан күһүн биһиги улууспутугар кэлэ сылдьан эмиэ сорудаахтаан барбыта. Аны 2025 сылга улуу киһибит С.А.Зверев-Кыыл Уола 125 сыла буолуохтаах, манан сиэттэрэн Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыһыах тэрийиэххэ наада диэн сорудахтаабыта. Манна дьаһала тахсара түргэтиэн наада, хамыыһыйа тэрийэ охсон баран туох үлэ барыахтааҕын тосхолун оҥоруохтаахпыт. Маны тэҥэ Кыыл Уолун аатын үйэтитэргэ уус-уран айымньыларга анаан судаарыстыбаннай бириэмийэни туруорустубут. Биир сүрүн туруорсуубут диэн – ыһыахтыыр сирбитин уонна ипподроммутун саҥардыы буолар,  ол тула эмиэ кэпсэттибит.

Министиэристибэлэргэ сырыыны сэргэ бэйэбит дьокутааттарбытын Андрей Николаевы уонна Афанасий Постниковы кытта көрсөн инвестиционнай бүддьүөккэ Сунтаар улууһун эбийиэктэрин киллэртиир курдук кэпсэтиилэр бардылар. Биир дойдулаахпыт, саҥа сенатор Сахамин Миланович Афанасьевы кытта көрсүһүүгэ кини  улууспутугар сүбэ-соргу, күүс-көмө бэйэм өттүбүттэн буолуом диэтэ. Ону тэҥэ ДЖС (департамент жилищного строительства) дириэктэрин э.т. Сергей Семенович Кылбановы кытта көрсүһүүгэ улахан хайысхабыт – хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын боппуруоһунан кэпсэтии барда. Манна быйыл Сунтаарга (биир подъеһа) уонна Устьеҕа  30 кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киириэхтээх.

Түмүктээн эттэххэ, Сунтаар улууһун сайдыытыгар бу кэпсэппит дьонум тыа хаһаайыстыбата дьарыктаах биир улахан улууһугар болҕомто ууруллуохтаах диэн этиилэрин үөрэ иһиттибит. Биһиги өттүбүтүттэн федеральнай, национальнай бырайыактарга кинилэри кытары бииргэ үлэлииргэ оҥостон сылдьабыт.

Быйылгы үөрэх дьылыгар биһиги улууспутугар сонун саҕалааһын олоххо киирдэ. Үөрэнээччи барыта биир кэлим оскуола пуорматын кэтэр буолла. Бу туһунан улууспут баһылыга Анатолий Васильевич санаатын бу курдук үллэһиннэ:

– Бу 2023 сыл Сунтаарбыт улууһугар Төрөөбүт төрүт тыл сылынан биллэриллэн, чопчу ыччат дьоммутугар туһаайан, оскуола биир кэлим пуормата диэн толкуйданан олоххо киирдэ. Төрүт култуураны, төрөөбүт дойдуга тапталы оҕо эрдэхтэн иҥэриэххэ наада диэн пуорманы сахалыы моһуоннаан, оҕолор кээмэйдэрин ылан, өрөспүүбүлүкэ тас сиригэр тиктэрилиннэ. Оскуолаҕа пуорманы кэтии хаһан баҕарар оҕону сааһылыыр. Атын улуустар бу саҕалааһыммытын сүрдээҕин сэргээн, сэҥээрэн бэлиэтииллэрэ истиэххэ эмиэ үчүгэй. Манна биири бэлиэтээн этиэм этэ, бу пуорманы биһиги биир дойдулаахпыт Матвей Евсеев улууспутуттан байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммут оҕолоругар барыларыгар бэйэтэ төлөөн хааччыйда, онон түгэнинэн туһанан Матвей Николаевичка улахан махталбытын улууспут хаһыатын нөҥүө тириэрдэбит.

 

Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА