Икки атахтаах киэргэнэрин олус да сөбүлүүр. Ордук биһиги, дьахтар аймах, саҥа былаачыйа кэтэрбитин, саҥа бүрүчүөскэ оҥорторорбутун, сэбэрэбитин тупсарарбытын сөбүлүүр дьоммут. Аны билигин кыламаммытын уһаттарабыт, хааспытын көннөртөрөбүт, тыҥырахпытын дьэрэ­кээн гына оҥорторобут. Дьэ бу, кимиэхэ эрэ кыраһыабай буолан көстөөрү буолбатах, сырдык, ыраас сэбэрэлээх, кэрэ көстүүлээх сылдьар буол­лахпытына бэйэбитигэр эрэлбит күүһүрэр, сүргэбит көтөҕүллэр. Чэ, биир тылынан нууччалаан эттэххэ, «для себя любимой» диэн.

Биһиги Сунтаарбытыгар сэбэрэни тупсарарга элбэх кыыс ылсан үлэлиир. Олортон мин бүгүн биир кыыска ыалдьыттаатым. Кини аата – Рада Сергеева. Рада тыҥырах оҥоруунан дьарыктаммыта хаһыс да сыла. Бастаан бэйэтин баҕатынан үөрэнэн чугас дьонун тыҥырахтарын тупсаҕай көстүүлээх гына оҥорон, шеллактаан биэрэр этэ. Онтон сыыйа-баайа илиитэ үөрэнэн, эбии куурустарга, сэминээрдэргэ сылдьыбыт, 2022 сыллааха Москваҕа «Всея руси» диэн маникюр оскуолатыгар үөрэммит. Онтон интэриниэти туһанан бу сатабылын аны дохуот киллэринэр дьарык гынарга быһаарынар.

Ол курдук, бэйэ дьыалатын арынан үлэлиэн баҕалаахтарга улуустааҕы социальнай управление нөҥүө социальнай хантараак түһэрсэн, үп ылан үлэлиэххэ сөбүн билэр дьонуттан истэр. Кыыс биисинэс былаан оҥостон, социальнай хантараак түһэрсэргэ ирдэниллэр докумуонун улуустааҕы хамыыһыйаҕа илдьэн туттарар. Сотору кэминэн кини дьыалата көрүллэн, «добро» ылан, хантараагын түһэрсэр. Хантараагынан көрүллүбүт харчынан үлэтигэр наадыйар тэрилин ылынар. Онон Рада санаабыт санаата, баҕата олоххо киирэн, бэйэ дьыалатын арынан үлэтин эрчимнээхтик саҕалыыр.

Рада бастаан утаа дьүөгэ кыргыттарын кытары биир дьиэҕэ олорон үлэлиир. Манна олус үчүгэйдик табыллан үлэлээбитим диэн ахтар. Онтон бу былырыыҥҥыттан туспа хос ылан олохтоохтук оҥостубут. Ол курдук, кини Киров уулуссаҕа турар бэртээхэй тутуулаах, хас да тэрилтэ киирэн үлэлииир офиһыгар, дьоҕус да буоллар, олус сырдык хос куортамнаһар. Бу кыракый хоһун үлэлииргэ табыгастаах гына оҥостон килийиэннэрин үөрэ-көтө көрсөр.

Рада Михайловна үлэлиир сирин, туттар тэрилин ыраастык тутар. Хас биирдии килийиэҥҥэ туттубут тыҥырах ыраастыыр пилкатын бэйэтигэр биэрэн ыытар, эбэтэр наадыйбат буоллахтарына быраҕан иһэр. Аны “барыта миэхэ эрэнэн кэлэр күндү кэрэ аҥаардарбар ананар” диэн санаалаах истиэнэтин аҥаарын ылан турар тэлэбиисэрдээх, кэлбит киһи төлөпүөнүн уурар анал олбоҕор тиийэ баар. Хас биирдии килийиэнигэр үүттээх итии чэйи, кофены талларар, иһэрдэр. Чахчы, били, этэргэ дылы, кыра да болҕомто киһини үөрдэр, кынаттыыр. Аны туран, эн тыҥыраххын оҥоро олорон олус эйэҕэстик, истиҥник кэпсэттэҕинэ чахчы үчүгэй үлэһиккэ, киһиэхэ болҕомтолоох маастарга кэлбиппин диэн эгди буола түһэҕин. Тыҥыраҕы хайдах харыстыырга, хайдах көрүнэргэ сүбэ-ама биэрэр. Үлэтин хаачыстыбатын тус бэйэм олус үчүгэй диэн сыаналаатым. Маннык сыанабылы кини бастайааннай килийиэннэрэ кытары этэллэр. Уопсайынан, маннык өҥөнү оҥорор кыргыттарбыт ис дууһаларыттан ылынан үлэлииллэрэ олус хайҕаллаах. Онон ким баҕарар бэйэтин маастарын, сөбүлээн сылдьар урбаанньытын булар.

Рада илии тыҥыраҕын оҥорор, тупсарар эрэ буолбатах, педикюру кытта оҥорор. Анал кириэһилэлээх. Араас төрүөтүнэн атахтарын тыҥыраҕын кыайан кырыммат дьон эмиэ баар буолуон сөп. “Кинилэр миэхэ кэллэхтэринэ тыҥырахтарын кырыйан биэрэбин” диир маастар.

Рада Михайловна – биир уол, икки кыыс күн күбэй ийэтэ, сыыдам сырыылаах суоппар   тапталлаах кэргэнэ. Ыал ийэтэ буоларынан дьиэ-уот сылаас, ыраас, оҕо, кэргэн тот буолалларын хааччыйар. Олус миннньигэс, тотоойу астаах хаһаайка бэрдэ. “Үлэбэр сылайан кэлэбин, сынньаныам” диэн олорон, сытан хаалбат. Били, этэргэ дылы, олбуорун аанын аһан киириэҕиттэн ону-маны дьаһайан, хомуйан, сууйан-сотон ааһар бэрт чэнчис хаһаайка. Кэргэнэ Евгений Николаевич ОДьКХ суоппара буолан, сорох күн олох түүн кэлэр, сороҕор хастыы да хонукка ыраах айаҥҥа барар. Кэргэнэ үлэтиттэн кэлэрин тулуурдаахтык күүтэн, сылаас, тотоойу аһылыгын бэлэмнээн тоһуйар. Сарсыарда үөрэнээччитин оскуолаҕа бэрийэн атаарар. Кырачаанын уһуйааҥҥа илдьэр. Улахан кыыс уруокка мэлдьи бэлэмнээх барарын ирдиир.

Үөрэх кэннэ эбии дьарыкка сылдьарын хааччыйар. Аллараа Бэстээххэ тимир суол техникумугар үөрэнэр уолун мэлдьи төлөпүөнүнэн билсэ турар, устудьуон оҕото үөрэҕэр ситиһиитин тэҥҥэ үллэстэр. Оҕолоругар олус эйэҕэс, сүбэ-ама биэрэр күндү ийэ.

Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сыла биллэриллибитин биһириир. “Оҕолоох эдэр ыалга судаарыстыбаттан элбэх көмө оҥоһуллар буолан, билигин эдэр дьон өйөбүллээх, көмүскэллээх буоллулар” диэн санаатын үллэстэр.

Дьэ, бу курдук, дьаһанан олорор, үлэлиир эдэр ийэ Рада Михайловна өссө да былаана элбэх, толкуйа үгүс. Киниэхэ санаабыта сатанан, толкуйдаабыта туолан истин диибин. Салгыы сайын, ситиһиилэн!

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше