Кэрэ эйгэ, көхтөөх үлэ туоната

.. Санаабар бу илэ көһүннэ
Сайылык алтан от сыһыыта,
Үчүгэй, үчүгэй бу манна
Үүт тураан , үүт тураан халлааммар... –
ыраахтан сахалыы нарын ырыа сыыйыллан иһиллэр. Ити Күндэйэ сиригэр Элгээн сайылыгар оскуолабыт музыкаҕа учуутала Наталья Веригина киэһэтин сайылык оҕолорун мунньан, күнүскү күүстээх үлэттэн сынньата таарыйа, оонньотор, ыллатар. Оттон технология учуутала Мария Трофянова уруһуйдатар, араас үөнү-көйүүрү мунньан, сибэккини, үүнээйи сэбирдэхтэрин хатаран, композициялары оҥорторор, кыһынын уруокка туһанарга бэлэмнэтэр.
Ол эрээри бу үөрэх анал лааҕыра буолбатах. Удьуор утума, төрүт дьарык үйэлэргэ бэриллэрин туоһулаан, Элгээн сайылыгар сайын аайы Анастасия Петровна уонна Алексей Васильевич Трофяновтары – ийэлэрин-аҕаларын ааттарын ааттатан, уон оҕолоох ыал оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ыраахтан-чугастан мустан сайынын от оттууллар, ынах ыыллар, сир астыыллар, кэлэр үөрэх сылыгар күүс-сэниэ ылыналлар.
Быйыл сайылыкка 9 оҕо баар. Кыргыттар устудьуон эдьиийдэрэ Долгунчалыын барыта 17 ынаҕы ыыллар, 18 тарбыйаҕы аһаталлар. Түөрт уол сарсыарда, киэһэ ынахтарын сылгылыыллар, күнүс оттууллар. «Тиэхиньикэнэн оттообуппут үһүс сыла, онон эр дьон бэйэбит оттуубут. Анал рулоннууру ылынан абыранныбыт, сынньалаҥ, бэлиэр сэттэ уонча туонна оттоннубут», – диэн быйыл оскуоланы бүтэрбит Володя киэн тутта кэпсиир. Окко оскуола үөрэнээччилэрэ куораттан Артем, Кутанаттан Любомирдаах Ваня кэлэн сүрүн күүс буолбуттар.
«Тарбыйах хотуттарынан» Иралаах Катя буолаллар. Ира сэттис кылааһы бүтэрдэ, Катя, куорат оҕото, кыра, быйыл иккис кылааска киирэр. Кыргыттар сарсыарда алта чааска туран тарбыйахтарын хомуйан аҕалан аһаталлар. Киэһэтин эмиэ оннук. Буруо хойдон, оҥоойута сүрдэнэн, оҕолору ыксата сырытта. Ордук ынах хомуйааччылар, тарбыйах аһатааччылар, отчуттар иэдэйэ сыстылар.
Ира Трофянова быйыл ситиһиитэ элбэх. Кыһыны быһа учуутала Наталия Максимовалыын дьаныһан үлэлээн уонна дьүөгэтэ Лукина Аэлиналыын тулалыыр эйгэбитин харыстыырга, экологияҕа дакылаат суруйаннар, бэс ыйыгар 21 күннээх «Зеленые пионеры Якутии» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи VIII слекка кыттан кэллилэр. Онно «Зеленые пионеры на защите природы родной республики» кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кыттан иккис миэстэ буоллулар. Ира «Бэс чагда» лааҕыр аһыллыытын былааҕын күөрэччи көтөхсөн үөрүүтэ улахан. Даҕатан эттэххэ, «КүнЭко» өрөспүүбүлүкэтээҕи лааҕыр 2019 с. бастаан Элгээҥҥэ базаланан улахан учуонайдар салалталаах үс Бүлүү эколог оҕолорун түмэн тэриллибитэ эмиэ кэрэхсэбиллээх.
Бу слекка Арассыыйаҕа – Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр – Оҕо саас сылларыгар анаан «Мин бэйэм илиибинэн оҥорбут сөбүлүүр оонньуурум» диэн куоҥкуруска Ира хордуоҥкаттан оҥорбут оонньуура сэҥээриини ылла. Бу куоҥкурус сыалынан үүнэр көлүөнэни тахсар бөҕү арааран хомуйарга үөрэтии уонна экологическай култуураны үрдэтии, оҕо фантазиятын, сатабылын, дьоҕурун сайыннарыы буолар. Слекка Ира элбэх доҕордоммут, олус астыммыт, «өссө да барыам этэ» диир.
Оҕолор абаҕалара Василий Алексеевич кэргэнэ Татьяна Егоровналыын сайыҥҥы кэмҥэ «уоппускалара», үлэһиттэрин сайыҥҥы каникул кэнниттэн хас биирдиилэрин хамнастыыр үтүө үгэстээхтэр, бастыҥтан бастыҥнарга стипендия олохтууллар, ол онтон оҕолор үөрүүлэрэ сүрдээх.
Дьэ ити курдук, саха норуотун төрүт үгэһин тута сылдьар, ыччаттарын тыа сирин үлэтигэр сыһыаран иитэр, сайылыктарын дьоллоох дьиэ кэргэн, кэрэ эйгэ, көхтөөх үлэ туоната гынан ыҥыра, угуйа турар Элгээн сайылыга буолар.

Маргарита ИВАНОВА,

Күндэйэ

Читайте дальше