Көрдүүр экспедицияҕа салгыы үлэлэһиэхтэрэ

Сунтаардааҕы гимназия 9-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Аҕа дойду сэриитигэр Ильмень күөл кыргыһыытыгар былдьаммыт саллааттар кырамталарын, туттубут малларын көрдүүр экспедицияҕа кыттыыны ыллылар.

Историяҕа суолталаах сырыы үтүө түмүктээх буолла. Ол курдук «Сонор» көрдүүр-чинчийэр этэрээт Старай Руссаҕа тиийэн, 62 сураҕа суох сүппүт саллаат кырамтатын буллулар.

Ильмень күөлгэ кыргыһыыга 19-с  хайыһар биригээдэтиттэн барыта 600 саха саллаата олоҕун толук уурбута. Ол иһигэр 75-һэ — Сунтаар буойуннара. Кинилэр кырамталара хайаан да булуллан, Ийэ буордарыгар хараллаллара наадалаах. Маннык көдьүүстээх үлэ барарыгар улуус дьаһалтата өйөөн, үбүлээһинигэр улахан көмөнү оҥордо.

Кулун тутарга, чуолаан сахалар охтубут сирдэригэр, көрдүүр үлэ ыытыллара былааннанар. Тэрийээччилэр биһиги оҕолорбутун үлэһиттэрин, сэмэйдэрин, дьоһуннаахтарын сөбүлээн, ыҥырыы ыыттылар. Онон оҕолор айанныырга, салгыы үлэлэһэргэ бэлэмнэнэллэр.

 

Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Читайте дальше