I. Куттас оҕолор
Бу түбэлтэ хаһан уонна кимниин буолбута чопчу биллибэт. Арай биирдэ Айыына уонна Айсан диэн бырааттыы-балыстыы оҕолор N ааттаах уулусса N нүөмэрдээх дьиэтигэр улахан дьиэ кэргэҥҥэ олорбуттар. Кинилэр хараҥаттан олуһун куттаналлар эбит. Ол иһин ийэлэрэ оҕолорун утутарыгар мэлдьи уоту тыктаран сытыарар эбит. Биирдэ ийэлэрэ оҕолорун утутаары эмиэ уоту холбообутугар “лаампа” иһиттэн кыракый уот киһи ойон тахсыбыт да, түннүк үөлэһинэн куота турбут. «Айака, мин хас түүн аайы бу оҕолорго тыга сатаан сылайдым», — диэн хаһыылаах буолбут. Тутатына хос иһэ хараҥара түспүт. Оҕолор куттанан ытаспыттар. Ону ийэлэрэ: “Оҕолоор, уоскуйуҥ, мин уот киһини көрдүү барыам. Эһиги суорҕаҥҥыт иһигэр киирэн саһыҥ…” – диэбит уонна оҕолорун күүскэ ыга кууспут. Оҕолор куттанан суорҕан иһигэр дьылыс гынан хаалбыттар.
Ийэлэрэ хостон тахсан барар тыаһын истибиттэр. Суорҕан иһигэр саһа сытаннар арааһы барытын санаабыттар… Эмискэ хосторун иһэ сырдыы түспүт. Оҕолор үөрэн-көтөн суорҕаннарыттан быкпыттара – билбэт сирдэригэр баар буолан хаалбыттар. Айыыналаах, Айсан тутанына ийэлэрин көрдөөн: “Ийээ, ийээ…” – дэспиттэр. Өр дуу, өтөр дуу ийэлэрин ыҥыра сатаан баран, тула баары одууласпыттар. Баар буолан хаалбыт сирдэрэ, арай туран, олус да кэрэ, сырдык дойду буолан биэрбит. Оҕолор куттаммыттара ааһан бэркэ диэн мэниктээбиттэр, ойон туран оонньообуттар. Устунан бу иннинэ куттаммыттарын таһы-быһа умнан кэбиспиттэр.
Ол да буоллар, оонньууларын ууратан, ийэлэрин күүтэ сатаан баран Айсан: “Ийэбитин көрдүү барыахха”, – диэн сорунуулаахтык эппит. “Чэ, барыахха” дэһэн оҕолор ийэлэрин көрдүү айаҥҥа туруммуттар. Баран испиттэр, баран испиттэр… Халыҥ, хараҥа ойуурга тиийэн кэлбиттэр. Уоллаах кыыс иккиэн бу үрдүк хойуу мастардаах ойуурга киириэхтэрин куттанан турбуттар. Ол тураннар: “Ийээ, ийээ, ханна бааргын? Кэлиий!” – диэн хаһытаан көрбүттэр да, туһа суох. Тула эргин уу чуумпу… Чочумча буолаат оҕолор эр санааларын ылынан «ойуурга киириэххэ» дэспиттэр. Куттаналлара төһө да күүһүрдэр, иккиэн бэйэ-бэйэлэрин куттаммыт харахтарынан көрсөн ыла-ыла, сиэттиспитинэн, ытыстарыттан күүскэ хам тутуһан хааман испиттэр. Күн көрбөт хараҥа ойууругар титирэһэн тоҥуохча буолбуттар. Кутталларыттан тыаһы барытын иһиллии, чуҥнуу, кэтии хаампыттар. Онтон доҕоор… Сүр улаханнык хабырынар тыас дуорааннанан иһиллибит. Айыына “улахан аһыылаах бөдөҥ адьырҕа кыыл оҕолору салбана-салбана сиир тыаһа иһиллэр” дии санаабыт. Оттон Айсан “хаһан да, ханна да көрбөтөх, кутталлаах абааһыбыт айаҕын тыаһа” диэн хараҕар ойуулаан көрбүт. Улам-улам тыас улаатан испит. Оҕолор кутталларыттан харахтарын симпиттэр. Тыас бу тиийэн кэлбит. Айыына муҥур уһугар уолуйбута бэрдиттэн часкыйбыт: “А-а-а!” Ол эрээри ким да кинилэри тыыппатаҕыттан соһуйан оҕолор харахтарын аһан көрбүттэрэ сып-сымнаҕас, мап-маҥан түүлээх куобах оҕото отон курдук хап-хара харахтарынан уун утары “бу оҕолор туох буоллулар” диэн өйдөөбөтөхтүү көрөн турар эбит. Моркуобуттан бэрсээри кырачаан илин атахтарын оҕолорго утары ууммут. Онно эһиги көрүө этигит… оҕолор хайдах курдук үөрбүттэрин! “Һуу…” диэн холкутуйбуттуу саҥа аллайбыттар, көлөһүннэрин туора соттубуттар. Суоҕу да баар гына ойуулаан оҥорон көрөр күүстээх да өйдөөх буолар эбиппит диэн сөхпүттэр.
Оҕолор бастаан куттаммыт ойуурдарыгар дьиэтийэ охсон өр да өр оонньообуттарын билбэккэ да хаалбыттар. Саҥа доҕордорун куобаҕы кытта бэркэ сайыһа, уйадыйа быраһаайдаспыттар. Салгыы ийэлэрин көрдүү туруммуттар. Хаамтахтарын аайы халыҥ ойуурдара дьэ бүппүт. Ойууртан тахсаат, көрбүттэрэ, арай, үрдүк да бэйэлээх таас хайа турар эбит. Айсан бу иннинэ кутталын кыайбыт киһи быһыытынан: “Бу үрдүк хайаттан ийэбит ханна сылдьарын көрүөхпүт. Ээ… мин бу хайаны ааһан иһэн дабайабын”, – диэн киһиргээбит уонна хайаны сүүрэн туоруурга оҥостубут. Айыына быраатын үтүктэн эмиэ хайаны сүр түргэнник дабайан ийэтин түргэнник була охсон кууһуон баҕарбыт. Дьэ, уонна салгыы хайаҕа ытта турбуттар. Сүүрэр-ойор быластаан, чэпчэкитик туттан хайаҕа ыттан испиттэр. Ол иһэн аара улитка аа-дьуо наллаан хайаҕа ыттан иһэрин көрөн, дорооболоспокко да эрэ ситэн ааспыттар. Эбиитин: “Улитка, бүгүн хайаны туоруо суоххун, төттөрү түһэрбитигэр көрсүөхпүт”, – диэн күлбүттэр. Ол бэйэлэрэ хайаларын ортотугар тиийбэккэ да, улам-улам сэниэлэрэ эстэн, нэһиилэ тыынар буолбуттар. Ийэ-хара көлөһүннэрэ тохтубут, атахтара кытта титирэстээбит. Ол гынан хайа ортотугар тиийбэккэ эрэ сытынан кэбиспиттэр. Тутуһар кыахтара суох буолан төттөрү аллараа диэки сырылыы турбуттар. Улиткаларын көрбүттэрэ сылайбыт көрүҥэ суох аа-дьуо айанын кубулуппакка дабайан иһэр эбит. Улитка барахсан: “Түһэн истэххитинэ – көрүстүбүт” диэн эҕэлээхтик сэниэлэрэ эстибит, улахамсык оҕолору күлбүт. Айыыналаах, Айсан бу хайаны дабайыа суохтарын билбиттэр. Күүстээх-уохтаах курдук санаммыттара ханна баарый? Ол эрэн, ийэлэрин ахтыбыттара сүр! Инньэ гынан ийэлэригэр тапталларын төлөнө күүстэригэр күүс эппит, өйдөрүгэр сөптөөх толкуйу сахпыт. Ол курдук оҕолор «бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, бытааннык, толкуйдаан, күүспүтүн-сэниэбитин харыстаан таҕыстахпытына эрэ бу үрдүк хайаны дабайыахпыт» диэн эр санааны ылыммыттар. Бу сырыыга улитканы сиппэтэхтэр. Улиткатааҕар бытааннык ыттыбыттар. Хайаларын чыпчаалыгар тиийбиттэригэр аллараа баар сир-дойду бүтүннүү, ытыска уурбуттуу көстүбүт. Онно туран өйдөөн көрбүттэрэ ийэлэрэ барахсан лаампаны туппутунан иһэр эбит. Сылайбыта, хас да күн утуйбатаҕа, аһаабатаҕа дьүһүнүгэр кытта биллэр буолбут. Оҕолорун көрөн олуһун соһуйбут уонна наһаа үөрбүт. Кинилэри кууһан ылан иэдэстэриттэн сыллаан ылбыт. “Куттас оҕолорум бачча ыраах хайдах тиийэн хааллыгыт?” — диэн сөхпүтүн биллэрбит. Айыыналаах, Айсан былдьаһа-былдьаһа ийэлэрин көрдөөн туох, хайдах мүччүргэннээх сырыыларга түбэспиттэрин кэпсээбиттэр. Аны хараҥаттан куттаммат буолбуттарын эппиттэр. Айыына: “Кутталбыт барыта биһиги өйбүтүгэр эрэ баар”, оттон Айсан: “Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөстөххө, өйөстөххө баҕа санааҕын ситиһиэҥ”, – диэн өйдөөбүттэрин ийэлэрин кытта үллэстибиттэр. Онтон оҕолор ийэлэрэ туппут уот киһичээнин көҥүлгэ ыытарга быһаарыммыттар…
Оҕолор сымнаҕас суорҕаннарыттан быган салгыы минньигэс түүллэри көрбүттэр, ыраах атын, алыптаах дойдуларга тиийбиттэр.
Мира АФАНАСЬЕВА