Биһиги бары уопсастыбаҕа олоробут, онон дьону кытары сатаан кэпсэтэр буолуу олохпутугар саамай туһалаах хаачыстыбалартан биирдэстэрэ буолар. Ол туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинин Сунтаардааҕы филиалын исписэлиистэрэ сүбэлэри бэлэмнээтилэр.

Өйдөспөт буолууттан олохпутугар араас конфликт тахсар: үлэбитигэр, дьиэ кэргэммитигэр, доҕотторбутун да кытары. Оттон дьон-сэргэ икки ардыгар бэйэ-бэйэни өйдөһүү баар буоллаҕына, кинилэр олохторо чэпчиир. Араас дьону кытары сатаан кэпсэтэр киһи сыыһа өйдөһүүттэн, конфликтан чэпчэкитик тахсарын таһынан, дьону итэҕэтиэн сөп.

Сорох дьон: «Мин оҕо сааспыттан сатаан кэпсэппэппин», – диир. Ол эрээри сатаан кэпсэтэргэ киһи үөрэниэн сөп. Туохтан саҕалыыбытый?

  1. Бастатан туран, бэйэҕитин уонна кэпсэтэр киһитигитин туттарын-хаптарын кэтээн көрүҥ. Киһи хамсаныыта уонна тас көрүҥэ элбэҕи кэпсиир. Холобур, кэпсэтэ олорор киһигит сотору-сотору төлөпүөнүн көрөр, эбэтэр ханна эрэ ыксыыр курдук туттар-хаптар буоллаҕына, кэпсэтиигит киниэхэ интэриэһинэйэ суох буолуон сөп. Оттон илиитин-атаҕын кириэстии туттар буоллаҕына, кини туохтан эрэ көмүскэнэ сатыыр, эһиги этэргитин ылыммат буолуон сөп.
  2. “Отзеркаливание”. Ол аата – кэпсэтэр киһигит мимикатын, интонациятын, хамсаныытын үтүктээһин буолар. Киһи бэйэтэ туттар хамсаныыларын көрдөҕүнэ, бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн, бииргэ толкуйдуубут диэн санааҕа кэлэр уонна сыһыана уларыйар. Кэтээн көрбүккүт буолуо, бэйэ-бэйэлэрин таптыыр дьон тутта-хапта сылдьаллара сыыйа-баайа майгыннаһар буолан иһэрин.
  3. Өйдөөн истии. Саамай сүрүн хаачыстыба буолар – өйдөөн истии. Хас биирдии киһиэхэ тус бэйэтин кыһалҕалара саамай сүрүн, чугас буолаллар. Сатаан болҕомтолоохтук истэр буоллаҕына, киһи бэйэтин сыалын ситиһэригэр чэпчэки буолар. Кэпсэтэр киһигит тугу этэрин өйдөөн истэр, сөптөөх ыйытыктары биэрэр, сэҥээрэргитин көрдөрөр, кириитикэлииртэн туттунар буоллаххытына, ордук туһалаах буолуо. Кэпсэтэр киһигит саҥатыттан, хамсаныытыттан оннооҕор кини ис санааларын, баҕатын таайан көрүөххүтүн сөп.
  4. Бэйэҕит эрэ олоххут, кыһалҕаларгыт туһунан, төһө да эһиэхэ саамай чугастарын иһин, кэпсииртэн туттуна сатааҥ. Маҥнайгы уочарат кэпсэтэр киһигит туһунан ис сүрэххититтэн интэриэһиргииргитин көрдөрүҥ, кэпсэтиҥ.
  5. Чуумпуруҥ. Сороҕор киһи төһөнөн элбэҕи саҥарабын да, соччонон кэпсэтэр киһим миигин өйдүө дии саныыр. Ол гынан баран, сорох түгэннэргэ чуумпуруу быдан көдьүүстээх буолар. Санаан көрүҥ – сатаан бэйэтин алҕастарын билиммэт киһиэхэ кытаанахтык уонна өр бэйэҕит санааҕытын дакаастаатаххытына, туох буолуой? Мөккүөрдээх түгэҥҥэ ардыгар бириэмэтигэр тохтуу туһүү ордук көмөлөһөр.
  6. Кэпсэтэр киһигит эһиги санааҕытын хайдах ылынарын кэтээн көрүҥ. Ардыгар эһиги интэриэскитин атын дьон сэҥээрбэт буолуон сөп. Хайдах ылынара кини хамсаныытыгар, мимикатыгар көстүөҕэ. Итинник түгэннэри кэмигэр өйдөөн көрөн, тиэмэни уларытар ордук.
  7. Хас биирдии киһиэхэ туох эмэ интэриэһинэй өрүттээх буолар, ону булан көрө сатааҥ. Эһиги сэҥээриигит дьиҥнээх, ис сүрэххититтэн буоллаҕына, кэпсэтэр киһигит ону өйдүө уонна эһигини кытары кэпсэтэриттэн астыныа, дуоһуйуо.

Киһи олоҕун тухары дьону кытары алтыһар, ханна да сырыттын: оскуолаҕа да буоллун, үөрэххэ да киирдэҕинэ, үлэтигэр, дьиэ кэргэнигэр даҕаны. Дьону кытары сатаан кэпсэтииттэн киһи инники олоҕо тутулуктаах диэтэххэ сыыһа буолбата буолуо.

Оттон чугас дьоҥҥутуттан хомойбут, кэлэйбит буоллаххытына, сатаан биир тылы булар табыллыбат түгэнигэр, Дормидонт Данилов аатынан уулусса 3-с нүөмэрдээх дьиэтигэр 17 хоско күүтэбит, эбэтэр 22-1-27 нүөмэргэ эрийэн билсиэххитин сөп.

Тохтобула суох үлэлиир Өрөспүүбүлүкэтээҕи босхо итэҕэл төлөпүөнэ: 8-800-100-35-50.  

Марина МАКАРОВА,

Өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинин Сунтаардааҕы филиалын социальнай педагога.

 

Читайте дальше