Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Сунтаар улууһугар аҕам саастаахтарга ытыктабыл, ийэ уонна аҕа дэкээдэтин чэрчитинэн Кэмпэндээйи нэһилиэгэр тэрилтэлэр икки ардыларыгар күрэс биллэрбиттэрэ. Күрэс сыалынан нэһилиэк олохтоохторун тэрээһиҥҥэ кытыннарыы уонна көҕүлээһин, ийэ, аҕа дьоҕурун, сатабылын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы уонна билиһиннэрии буолар.
Ол курдук, аҕыс түһүмэхтэн турар күрэххэ (Бильярд, теннис, дартс, саахымат, дуобат, муннук былдьаһыытын күрэхтэрэ, тэрилтэттэн 1-дии музыкальнай эҕэрдэ уонна араас дойду бүлүүдэтин билиһиннэрии) . 5 тэрилтэ холбоһуктаах хамаандалара биир нэдиэлэ устата араас көрүҥнэргэ кытыннылар.
«Тулусхан» хамаандаҕа (детсад, ЖКС, РЭС)
«ШиВИ» хамаанда (В.И.Иванов аатынан олохтоох оскуола)
«Динамит» хамаандаҕа (олохтоох дьаһалта, тыа хаһаайыстыбата, музей, библиотека, медпункт, экология)
«Сир уустара» хамаандата
«Сайдыы» хамаандаҕа култуура киинэ, туус собуота киирдилэр.
Алтынньы 26 күнүттэн саҕаламмыт күрэстэр сомоҕолоһуу күнүгэр түмүктэннилэр. Кыайыылаахтар билиннилэр. Ол курдук, 1 үрдэл — «Тулусхан» хамаандата
2 үрдэл — «Динамит», «ШиВИ» хамаандалара
3 үрдэл — «Сир уустара»
4 үрдэл-«Сайдыы» хамаандата буоллулар.
Анна Тотонова«Сайдыы» култуура киинин дириэктэрэ